Дьокуускай ‒ Ааллаах Үүн туһаайыытынан муус устар 4 күнүгэр сүүрэ баран иһэр спортсменнар Майаҕа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов искибиэригэр тохтоон сүгүрүйэн аастылар.
Муус устар 4‒11 күннэригэр былааннаммыт сүүрүүнү «Биир ньыгыл Россия» баартыйа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар түмсүүлэрэ көҕүлээтэ уонна өйөөтө. Сүүрүүнү Ааллаах Үүн устуоруйатын чинчийэр Аким Татаринов, спортсмен Егор Абрамов салайаллар. Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Нам, Амма, Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Уус Маайа улуустарыттан 12 биллэр-көстөр марафонецтар, сүүрүктэр кытталлар. Кинилэр ортолоругар Хара орто оскуолатын бүтэрбит ыччат, билигин Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт үнүстүүтүн устудьуона Иннокентий Олесов баар.
«Былырыын эмиэ Ааллаах Үүҥҥэ бара сылдьыбыппыт. Быйылгы сорукпутунан Сэттэ Дабааҥҥа уонна Ааллаах Үүн бэлиэ сирдэригэр сэрии кытаанах сылларыгар таһаҕас таһыытыгар кыттыбыт холкуостаахтар сырдык ааттарыгар, хорсун быһыыларыгар сүгүрүйүү мэҥэ бэлиэлэрин туруоруохпут», — диэн санааларын эттилэр.
Амманы, Уус Маайаны, Эльдиканы, Ааллаах Үүнү уҥуордаан аатырар Сэттэ Дабааҥҥа 1374 биэрэстэни сүүрэн тиийиэхтэрэ.
This post was published on 07.04.2016 20:46 20:46