Сүүрүк Сардаана Трофимова Манчаары Оонньууларыгар "кыһыл көмүһү" ылла

Марафоҥҥа Россия олимпиадаҕа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Сардаана Трофимова 5000 м уһуҥҥа сүүрүүгэ Манчаары Оонньууларыгар кыайда. Кини этэринэн,  биир дойдулаахтара — үөһээ бүлүүлэр — өрөгөйдөөх «ыалдьааһыннара» кыайарыгар көмө буолбут.


Манчаары Оонньууларыгар сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ бастыҥ быһыйдара кыттыыны ыллылар: Россия чемпионкалара Наталья Леонтьева Сунтаартан уонна Надежда Гоголева Нам улууһуттан, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх араас турнирдар кыайыылаахтара Дьокуускайтан Ирина Осипова, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Наталья Сотникова (Мэҥэ Хаҥалас улууһа).

«Миэхэ төрөөбүт дойдум салгына кыайарбар көмөлөстө. Трибуна таһынан сүүрэн иһэн, дойдум дьонун тыына миэхэ күүс-уох эбэрин ылынным. Кинилэргэ махталбын тириэрдэбин. Тренербэр Татьяна Жирковаҕа баһыыбалыыбын«, — диэн СИА-ҕа Сардаана Трофимова санаатын эттэ.

Үөһээ Бүлүү быһый атахтаах сүүрүгэ 5 км уһуннаах дистанцияны 15 мүн. 48 сөк. кэллэ. Киниттэн 12 сөк. хаалан Наталья Леонтьева финишка кэллэ, онтон Ирина Осипова биэтэги булла.

«Сүрүн киирсээччим Леонтьева буолла. Тилэх баттаһа сырытта. Мин кинини бүтэһиккэ эбэн биэрэн, ситэ баттыыра буолуо дии санаабытым. Ити эрээри финишка диэри 200 м хаалбытын кэннэ, бүгүҥҥү кыһыл көмүс мэтээл миэнэ буоларын билбитим«, — диэтэ кыайыылаах.

Сардаана норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэккэ тас дойдулар күрэхтэһиилэригэр кыттарыгар көҥүллүүллэригэр сайаапка биэрбитин туһунан сонунун кэпсээтэ.

This post was published on 07.07.2017 15:58 15:58