Ааспыт өрөбүллэргэ «СӨ ОДьКХ» тэрилтэ үлэһиттэрэ Үлэ сылыгар уонна 20 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаммыт тэрээһиннэрэ буолла. Генеральнай директор Виталий Чикачев тэрилтэ филиалларыгар 28 УАЗ массыына күлүүстэрин туттарда.
Өссө биир массыына анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарыгар ыытыллыаҕа диэн иһитиннэрдилэр. «Техника тэрилтэ автопааркатын кэҥэтиигэ анаммыт бырагырааманан ылылынна. СВО саҕаланыаҕыттан тэрилтэ анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас көмөнү оҥорор. Билигин эмиэ биир дойдулаахтарбытыгар массыына ыытабыт», — диэтэ Виталий Чикачев.
Өрөспүүбүлүкэ биир кэлим сүрүннүүр суһал штабын салайааччыта Георгий Куркутов тэрилтэҕэ махтанна. Массыына үлэлииргэ бэлэм, сотору кэминэн Саха сириттэн сулууспа ааһа сылдьар биир дойдулаахтарбыт баар чаастарыгар ыытыллыаҕа.
This post was published on 15.06.2023 09:28 09:28