ГосДуумаҕа сокуоннай саастарын туола илик 3 оҕолоох аҕалары быстах хомууртан босхолуур (отсрочка) туһунан сокуон барыла киирдэ. Сокуон барылын КПРФ баартыйа дьокутааттара киллэрдилэр.
Сокуон барыла балаҕан ыйын 12 күнүгэр регистрацияны ааспыт, сэтинньи ыйга Госдуума сессиятыгар көрүллэрэ былааннанар. Салгыы бастакы, иккис, үһүс ааҕыыга ылыллыахтаах, онтон Федерация Сэбиэтэ уонна бэрэсидьиэн көрөн, илии баттыахтаахтар.
Бу сокуон барыла олоххо киирдэҕинэ, 18 саастарын туола илик 3 уонна онтон элбэх оҕотун иитэр, ону тэҥэ, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23 сааһын туола илик устудьуон оҕолоох аҕалар быстах хомуурга ыҥырыллыахтара суоҕа.
Дьокутааттар бу көҕүлээһин демографическай балаһыанньаҕа көмөлөһүөҕэ диэн санаалаахтар.
“Новые люди” фракция дьокутааттара эмиэ мобилизацияҕа ыҥырыллыбат дьон испииһэктэрин кэҥэтэр туһунан сокуон барылын киллэрбиттэрин туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Кинилэр эмиэ 3-тэн элбэх оҕолоох аҕалары босхолууру тэҥэ, инбэлиит оҕолоох уонна 18 сааһын туола илик биир оҕону соҕотоҕун иитэр аҕаны, 22 нэдиэлэттэн итэҕэһэ суох болдьохтоох хат кэргэннээх уонна 2 кыра оҕолоох киһини, дьиэ кэргэнин соҕотоҕун иитэр-аһатар эр киһини эмиэ босхолуур туһунан туруорсаллар. Ону тэҥэ, аҥаардас төрөппүт соҕотох уола буоллаҕына, ыҥырыллартан эмиэ босхолонуохтаах диэн суруллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, кэнники кэмҥэ Госдуумаҕа мобилизация туһунан 7 сокуон барыла киирбит. Ону Госдуума саайтыгар киирэн, сиһилии билсиэххэ сөп.
“Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа дьокутааттара инбэлиит оҕолоох дьону быстах хомууртан босхолуур туһунан сокуон барылын киллэрбиттэр.
Дьокутааттар Н.А. Останина, М.В. Дробот, Т.П. Ларионова, А.В. Корниенко көҕүлээһиннэринэн киирбит сокуон барылыгар — хомуурга ыҥырыллыбыт дьоҥҥо 300 тыһыынча солкуобайы биирдэ төлүүр туһунан; хомунаалынай өҥөнү төлүүргэ 50%-наах чэпчэтии көрүллэрин; 3-гэр диэри саастаах оҕолоругар уонна хат кэргэнигэр ыйдааҕы босуобуйа төлөнөрүн; дьиэҕэ-уокка нолуоктан босхолуур; ОСАГО страховкатыгар 50 %-наах чэпчэтии көрүллэрин; оҕо саадыгар төлөбүртэн босхолуур; тыа сиригэр соҕотох исписэлииһи ыҥырыллыыттан босхолуур туһунан этиллэр.
Госдуумаҕа киирбит бу сокуон барыллара күһүҥҥү сессияҕа (сэтинньигэ) көрүллэллэрэ былааннанар.
© sakha-sire.ru сайтан
This post was published on 05.10.2022 16:33 16:33