Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ 1 мөлүйүөн солкуобайы биэриэхтэрин сөп

Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев регион социальнай сайдыытын туһунан билиһиннэрдэ. Манна үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ 1 мөл солк төлөнөр диэн пуун киирэ сылдьар. Салгыы бырабыыталыстыба бу өйөбүл миэрэтин бигэргэтиэн наада, НВК Саха-телеграм ханаал суруйар.

Маннык хабааннаах миэрэ Приморьеҕа 2023 сыллаахтан үлэлиир эбит. Сыл аҥаарын устата 186 дьиэ кэргэн туһаммыт уонна харчыны ипотекатын сабыыга ыыппыт.

Эрдэ үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ 450 тыһ солк төлөнөрө. Саха сиригэр үһүс оҕоҕо 151 тыһ солк биэрэллэр.

This post was published on 12.10.2023 12:27 12:27