Сүөһүнү сиэмэлээһиҥҥэ биэс улуус былааны толордо

Сүөһүнү сиэмэлээһин хаамыытын туһунан Саха сиринээҕи ветеринария департаменын отделын салайааччыта Анастасия Никитина эттэ, суруйар СИА.

«Үһүс кыбаартал түмүгүнэн сүөһүнү сиэмэлээһиҥҥэ былааны Амма, Нам, Ньурба, Таатта, Томпо улуустара толордулар. Эбиллии түмүгүнэн көрдөххө, Кэбээйигэ уонна Өлүөхүмэҕэ эмиэ былаан туолла. Ити эрээри былааны 20% эрэ толорбуттар бааллар – Уус Майа уонна Ленскэй оройуоттара. Үөһээ Бүлүү — 71%, Амма — 97%, Горнай — 73%, Мэҥэ Хаҥалас — 74%, Нам — 96%, Сунтаар — 72%, Таатта — 82%», — диэтэ Никитина.

Текст Валерия Иванова

This post was published on 23.09.2022 11:01 11:01