Үс миллиардтан тахса солкуобай 3 - 7 саастаах оҕолор ыйдааҕы босуобуйаларыгар ыытылынна

Саха сиригэр 3 — 7 саастаах оҕолорго ыйдааҕы босуобуйаларыгар төлөбүргэ 3017 мөл солк ыытылынна. Балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, оҕо харчытын ылыыга 60083 дьиэ кэргэн сайабылыанньа биэрбит. 42 370 оҕоҕо бэриллэр диэн быһарыы ылыллыбыт. Бу өйөбүл миэрэтэ аадырыстаах уонна 3 — 7 саастаах оҕолоох көмөҕө наадыйар ыалга көрүллэр, СИА-ҕа үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Ыйдааҕы төлөбүр 1 зонаҕа – 10 274,50 солк уонна 2 зонаҕа – 8 651 солк.

3 — 7 саастаах оҕолорго босуобуйаны аныырга ылыллар дьаһаллар сөпкө баралларыгар биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар ыытыллар үлэ түмүгэ. Бу социальнай көмүскэл уоргаттара технологическай уонна быраап өттүнэн сөптөөх кыахтаахтарын көрдөрдө. Онон босуобуйаны сайабылыанньаҕа эрэ олоҕуран бэриллэр. Дьон бэйэтэ ыспыраапка хомуйуутунан дьарыктаммат.

Хас биирдии киирбит сайабылыанньанан федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы тэрилтэлэринэн ирдэбиллэр ыытыллаллар: Биэнсийэ пуондатыгар, Нолуок сулууспатыгар, ИДьМ, ГТАС-ка, опека, дьарыктаах буолуу уоргаттарыгар уо.д.а. Наада буоллаҕына РФ атын субъектарыгар эмиэ ирдэбиллэр тиксэриллэллэр.

Сиһилии https://ysia.ru/bolee-treh-milliardov-rublej-napravili-na-vyplatu-ezhemesyachnogo-posobiya-na-detej-ot-3-do-7-let-v-yakutii/

This post was published on 22.09.2020 13:01 13:01