Бүгүн күнүскү чэйтэн киэһэ “Авиалесоохрана” федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэ “Веер” установкалаах Ан-26 сөмөлүөтэ Иркутскайтан көтөн кэлэн, сүрүннээн, Нам улууһугар үлэлээтэ. Төннөн иһэн, Горнайы таарыйда. Икки чаастаах көтүү түмүгэ өссө биллэ илик.
Бүгүн барыта 146 ботуруону ыппыттар. Пироботуруон йодистай үрүҥ көмүстээх, биир устууката 8 мөһөөх кэриҥэ сыаналаах дииллэр. Искусственнай ардаҕы түһэрии судаарыстыба сакааһынан толоруллар буолан, федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллэр. Онон хаста көтөллөрүн, төһөтө ыталларын федераллар эрэ билэллэр. Кылаабынайа, халлааҥҥа былыт эрэ үөскүөн наада. Былыты ыппыт кэнниттэн 15-60 мүнүүтэнэн ардах түһэн барыахтаах.
Нам улууһун баһылыгын э.т. Ефим Гоголевтан киэһэ үлэ чааһын бүтүүтэ туоһуласпыппар: “Биһиги 7 сиргэ улахан уоттаах олоробут, бииригэр даҕаны ардах түһэ илик”, — диэн хоруйдаата. Бүгүн сарсыарда Түбэҕэ бэрт кыратык самыырдаабыт үһү. Ол айылҕа бэйэтин ардаҕа. Онон, бүгүҥҥү көтүү соччо көдьүүһэ суох буолбут курдук. Бүтэһиктээх түмүгүн сарсын билиэхпит. Хата, таас сыралҕаныгар буһа олорор Дьокуускай куораты быстах ардах илитэн, сөрүүкэтэн ааста.
Иркутскайтан кэлбит сөмөлүөт Намҥа ойуур уотун умуруорууга көмөҕө эбии 26 киһини аҕалбыт. Сарсын Горнай улууһун үрдүнэн былыттары ытыахтара. Манна сыһыаран эттэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбит урукку кураан сылларга искусственнай ардахтатыыны тыа хаһаайыстыбатыгар киэҥник туһана сылдьыбыта эрээри, экономическай өттүнэн улахан көдьүүһэ суоҕун көрдөрөн турар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 11.07.2018 12:13 12:13