Сөмөлүөккэ бэрээдэги кэспит дьахтары хаайдылар

Уопсастыбаннай бэрээдэги, сүрүннээн, эр дьон эрэ кэһэрин курдук өйдөбүл баар. Ити эрээри дьахтар аймах да хаалсыбат. 


Орто Халыматтан көтөн испит сөмөлүөккэ 37 саастаах дьахтар айан устатыгар айдааран-үөхсэн тахсыбытын туһунан транспортнай полиция пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Дьахтар быдьар тылынан бортпроводниктары үөҕэн, сордорун сордообут.

Бу туһунан иһитиннэрии Дьокуускай куорат аэропордугар баар полиция линейнэй отделыгар киирбитин кэнниттэн, сөмөлүөтү транспортнай полиция үлэһиттэрэ көрсүбүттэр.

Итиэннэ айдааннаах дьахтары тутан, дьуһуурунай чааска илдьибиттэр. Медицинскэй туоһулааһынтан дьахтар аккаастаммыт.

Бу Капитоновка сэлиэнньэтиттэн төрүттээх дьахтарга полицейскайдар «Күлүгээннээһин» ыстатыйанан административнай боротокуол толорбуттар.

Бэрээдэгинэн баппатах дьахтар билигин быстах кэмҥэ хаайыллан олорор.

This post was published on 28.03.2018 18:00 18:00