“СюльдюкарНефтеГаз” ХЭТ ааспыт нэдиэлэҕэ Сүлдьүкээр сэлиэнньэтигэр ууну ыраастыыр ыстаансыйаҕа бырагыраамаламмыт бэйэтэ ыраастанар фильтрдэри аҕалан биэрдэ.
Фильтрдэри Москватааҕы “Жуковскай” аэропортан “АЛРОСА” авиахампаанньа ИЛ-76 таһаҕаһы тиэйэр сөмөлүөтүнэн аҕаллылар. Бу тэрилтэ исписэлиистэрэ этэллэринэн, олус кирдээх да ууга фильтр үс сыл үлэлиэн сөп.
Садыҥ национальнай эбэҥки нэһилиэгин баһылыга Иван Игнатьев ХЭТ салалтатыгар көмөлөрүн иһин махтанна.