Бэс ыйыгар үлэлэриттэн тохтообут, 80 саастарын туолар уонна бастакы группалаах инбэлииккэ тахсыбыттар от ыйын 1 күнүттэн биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ.
«От ыйын 1 күнүттэн Россия социальнай пуондата быһалыы, ол эбэтэр сайабылыанньата суох, бэс ыйыттан үлэтиттэн тохтообут биэнсийэлээххэ биэнсийэтин страховой чааһын төлөбүрүн хат ааҕыаҕа. Индексацияҕа, үлэлээбит кэмнэригэр уларыйбыт коэффициент, учуоттаныаҕа», — диэтэ РИА Новости РАНХиГС экономическай теорияҕа кафедра доцена, үлэ быраабыгар эксперт Наталья Усова.
Кини чуолкайдаабытынан, биэнсийэ төлөбүрүн улаатыыта 80 саастарын от ыйыгар туолааччыларга эмиэ көрүллүөҕэ. Оттон бу ыйга инбэлиит 1 группатыгар тахсыбыттар фиксированнай төлөбүрдэрэ улаатыаҕа.
Сиһилии https://ysia.ru/trem-kategoriyam-pensionerov-povysyat-pensii-s-1-iyulya/
This post was published on 01.07.2024 15:07 15:07