Сөкүүндэҕэ 20 миэтэрэ түргэннээх тыал бүгүн сорох улуустарга түһүөҕэ

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Бүгүн, от ыйын 11 күнүгэр, синоптиктар иһитиннэрбиттэринэн, сорох улуустарга этиҥ түһэр, күүстээх ардах уонна 20 см диэри тыалырар.

ЯУГМС тэрилтэ эппитинэн, күүстээх тыал этиҥ кэмигэр Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Бүлүү бөлөххө, Мииринэйгэ, Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Усуйаанаҕа буолуоҕа.

Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Өлөөҥҥө, Сунтаарга миэстэлэринэн дохсун ардах түһүөҕэ.

This post was published on 11.07.2023 10:31 10:31