Боруода сүөһүнү тастан киллэриигэ НДС төлөбүрүттэн босхолооһуну 2022 сыл бүтүөр диэри уһатыахтара. Госдуума депутаттара киллэрбит сокуоннарын барылын палаата иккис ааҕыыга сэтинньи 10 күнүгэр ылынна, суруйар «Парламентская газета».
Билигин боруода сүөһүнү тастан киллэриигэ уонна ону тарҕатыыга НДС көрүллүбэт. Манна сүөһү, сибиинньэ, бараан, коза, сылгы уонна кинилэртэн ылыллыбыт эмбрионнар, көтөр уонна кини сымыыта, оҕус, сибиинньэ, бараан, козел, сылгы сиэмэлэрэ киирсэллэр.
2016 сыллаахха ылыллыбыт сокуонунан, чэпчэтии 2020 сыл бүтүөр диэри болдьохтоох. Депутаттар быһаарыыны бастаан 2025 сыл бүтүөр диэри уһатарга этии киллэрбиттэрин, иккис ааҕыыга көҕүлээһин тиэкиһигэр уларытыы киллэрдилэр — ахсынньы 31 күнэ 2022 сыл.