Туймаада ыһыаҕын кэмигэр «Нам» суолга Можайскай уулуссаҕа суолу тутар үлэлэр тохтотуллуохтара. Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрдэ, суруйар Саха сирэ.
Үс Хатыҥҥа барар суолга түөрт балаһанан айан-сырыы олохтонуоҕа. Ыһыахтыыр сиргэ диэри Можайскай уонна Строд уулуссаларынан (Марха), Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уонна Паромнай (Даркылаах) итиэннэ Мархаҕа Олег Кошевой уулуссатынан тиийиэххэ сөп.
This post was published on 28.06.2024 16:32 16:32