23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Үс Хатыҥҥа сырыыны автобус икки маршрута оҥоруо

18:00, 21 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Туймаада ыһыаҕын кэмигэр бэс ыйын 24-25 күннэригэр Үс Хатыҥҥа диэри автобус икки маршрута сылдьыа: 155 №-дээх «Гимеин – Үс Хатыҥ – Гимеин» уонна 156 №-дээх  «Автовокзал – Үс Хатыҥ – Автовокзал». Айан иһин төлөбүр сыаната 40 солкуобай диэн Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрэр. 


155 №-дээх автобус маршрута: «Гимеин – Сайсаар муостата – ХИФУ – Доҕордоһуу болуоссата – Ленин болуоссата – «Центральнай» киинэ тыйаатыра – Чиряев уулуссата – Кыайыы болуоссата – Кулаковскай аатынан култуура дьиэтэ – Банковскай – «Столичнай» атыы комплекса— «Үрүҥ күөл» ырыынак — Улахан Марха – Жатайдааҕы суол хайдыһыыта — Yс Хатыҥ».

156 №-дээх автобус маршрута: «Автовокзал – Ленин болуоссата – «Центральнай» к/т — Кулаковскай аатынан култуура дьиэтэ – Банковскай — «Столичнай» атыы комплекса — «Үрүҥ күөл» ырыынак — Улахан Марха – Жатайдааҕы суол хайдыһыыта — Yс Хатыҥ».

Автобустар сарсыарда куорат өттүттэн ыһыахтыыр сир туһаайыытынан 9.00 чаастан, онтон Үс Хатыҥтан куорат хайысхатынан 10.00 чаастан, 5-7 мүнүүтэ арыттаах сырыыны саҕалыахтара.

«Быйыл аспаал суолтан Үс Хатыҥҥа уопсай түһүлгэҕэ киириигэ диэри автобус сырыыта олохтонно. Бу маршрут бэс ыйын 24 күнүгэр сарсыарда 9.30-тан күнүс 12.00 чааска диэри сылдьыа. Босхо. Маннык быһаарыыны дьон ыһыах арыллыытыгар сөпкө кэлэллэригэр усулуобуйа тэрийэр сыалтан олохтоотубут«, — диэн мэрия тырааныспар үлэтигэр тэрээһин уонна хонтуруол салаатын кылаабынай исписэлииһэ Иннокентий Яковлев этэр.

Массыыналаахтарга икки тохтуур сири анаабыттар, икки тыһыынча тырааныспар тэҥинэн киирэр иэннээх. Маны сэргэ «Ипподром» тохтобулун чугаһынан эбии стоянка арыйыахтара.

Бырааһынньык кэмигэр ыһыах ыһыллар территориятыгар массыынанан киирэр бобуллар, эвакуатордар үлэлиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА