Үс Хатыҥҥа эмтээх Сэргэ турда

Үс Хатыҥҥа оһуокайдыыр түһүлгэҕэ саҥа сэргэ турда, ол туһунан Сахапарламент.ру суруйда.

«Бэс ыйын 24 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Оһуокайын түмсүүтүн дьоно Үс Хатыҥҥа, 4-с нүөмэрдээх Оһуокай түһүлгэтигэр, Өрөспүүбүлүкэбит 100 уонна Оһуокай түмсүү 35 сылларыгар анаан түмсүүбүт чулуу дьоно буолан, бары үп-харчы хомуйан, норуоппут инники кэскилигэр, үүнэ сайда турарыгар Эмтээх Сэргэни туруордубут», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Сэргэ туруоруутун сиэрин-туомун ыытта, аал уоту оттон, алгыс тылын эттэ уонна алҕаата — 95 саастаах ытык кырдьаҕас, Саха Сирин Аар Дархан этээччитэ Егор Михайлович Осипов.

Сахапарламент.ру

This post was published on 27.06.2022 10:02 10:02