2017 сылтан Саха сиригэр «Сүөһү эбии аһын бэлэмнээһин сайдыыта» бырагыраама үлэлиир. Ол чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуустарга субсидия ыытар. Ол үбүлээһиҥҥэ улуус бэйэтин бюджетыттан эбэн, сүөһү эбии аһын бэлэмниир хаһаайыстыбаларга тыырар.
Бу харчыны күрүө-хаһаа тутуутугар уонна өрөмүөнүгэр, сиилэс траншеятын тутууга, өрөмүөҥҥэ, тыа хаһаайыстыбатын техникатын, оборудованиетын ылыыга, бааһынаны чөлүгэр түһэриигэ, сиэмэ, мульчер уонна бурдугу переработкалыыр оборудование ылыыга, от харайар сир тутуутугар туттуохха сөп, диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үүнээйигэ Департамеҥҥа эттилэр.
2017 сыллаахха бырагыраама кыттыылаахтарынан бастакынан Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы улуустара буолбуттара.
2022 сыллаахха 100 мөл солк министиэристибэ көрүллүбүтэ, онно 19 муниципалитет холбоон 135,4 мөл солк эбии укпута.
Быйыл бырагыраама суумата эбилиннэ, биэдэмистибэ биэрэрэ 175 мөл солк тэҥ. Манна муниципальнай бюджеттар эбии көрүөхтэрэ.
Сайаапкалары улуустар хомуйан эрэллэр, салгыы министиэристибэ, барыллаан дааннайынан, муус устар саҕаланыыта талыыны ыытара былааннанар.
This post was published on 31.03.2023 15:33 15:33