Сүөһү өҥө-дьүһүнэ кини боруодатыттан быһа тутулуктаах

Фото: Полина Николаева/СИА

Бүгүн СИА ааҕааччыта сүөһү өҥүн сахалыы ааттарын билиэн баҕарарын туһунан редакцияҕа суруйбута, оттон сүөһү өҥө-дьүһүнэ кини боруодатыттан быһа тутулуктаах. Саха сиригэр ханнык боруода сүөһүлэр баалларын туһунан ааҕааччыларга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитигэр департаменын салайааччытын солбуйааччыта Галина Николаевна Осипова кэпсээтэ.

Сүөһү-сылгы аборигеннай уонна заводской диэн көрүҥнэргэ арахсар. Ол аата, аборигеннай диэн хас эмэ сүүһүнэн сыллар тухары бэйэтэ олохтоох климатка сөп түбэһиннэрэн үөскээн тахсыбыт сүөһү. Онтон “заводской” диэн селекционердар сүүс сыл устата оҥорон таһаарбыт анал боруодалара буолар. Маныаха, Саха сиригэр аборигеннай диэн көрүҥҥэ — Саха ынаҕа киирсэр. Холобур, 1929 сыллардааҕы докумуоннар дааннайдарынан, Саха сиригэр 495 тыһ. кэриҥэ Саха ынаҕа баара бэлиэтэнэр. Бу көрүҥ боруода үүтэ аҕыйах диэн ааттаан, ити 1929-1931 сыллардарга Саха сиригэр Симментаал уонна Холмогор боруода ынахтары аҕалаллар. Инньэ гынан, 90-с сыллар саҕатыгар дьиҥ саха боруода ынаҕа Эбээн-Бытантай эрэ улууһугар ордон хаалар. Билигин исписэлиистэр симментаал, холмогор уонна саха боруода сүөһүлэри олохтоох көрүҥнэринэн билинэллэр. Тоҕо диэтэргин биир үйэ тухары симментаал уонна холмогор боруода сүөһүлэрэ олохтоох усулуобуйаҕа нууччалыы эттэххэ “адаптацияны” бардылар.

Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр барыта 9 боруода сүөһү баара бэлиэтэнэр:

  • Саха боруодата
  • Симментаал
  • Холмогор
  • Кыһыл-дьураа (красно-пестрая)
  • Хара-дьураа (черно-пестрая)
  • Кыһыл өҥнөөх степной (красная степная)
  • Калмыык (Калмыкская) (өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 600 төбө)
  • Герефордскай (бу эт боруода сүөһү билигин Нам улууһугар 50 эрэ төбө хаалла)
  • Сычевскай боруода

Собуокка оҥоһуллубут сүөһү уратыта диэн, өҥө-дьүһүнэ биир кэм буолар. Холобур, кыһыл өҥнөөх степной боруода сүөһү дьүһүнэ хараҥа кыһыл буолар, хара уонна кыһыл дьураа сүөһүлэр өҥнөрө үрүҥү кытары булкуспут кыһыл эбэтэр хара эриэн буолаллар. Ол иһин биир пиэрмэ сүөһүлэр өҥнөрө сүрүннээн майгыннаһар буолаллар. Онтон аборигеннай сүөһү-сылгы, хайдах баҕарар өҥнөөх буолуон син. Саха боруодатын ылан көрдөххө, өрүөстээх, саадьаҕай, үрүҥ, хара, эриэн-дьураа уонна да атын.

Сүөһү өҥнөрө:

Хара — черный (бык, корова).

 Үрүҥ — белый (бык, корова).

Ала — белобокий.

Маҥаас — беломордый

 Туоһахталаах — с пятном на лбу

 Саппыйалаах — с белой полосой на задней ноге

 Саадьаҕай — с белым чепраком вдоль хребта

Чуккулаах — белоногий.

 Эриэн — пегий

Тараах күрдьүгэс — рыжий с темными полосами.

Өрүөстээх — скот чёрной масти с белыми полосками на морде

Галина Осипова бэлиэтииринэн, кэлии бааһынай сүөһүлэр олохтоох усулуобуйаны ыараханнык ылыналлар. Онон экономика туһугар, элбэх үүтү ылаары кэлии боруода сүөһүлэринэн мээнэ үлүһүйэр сыыһа. Бу анараа сылаас климатка олоро үөрэммит сүөһүлэр анал усулуобуйаны, аһылыгы ирдииллэр, хоччорхой оту сии туран элбэх үүтү биэрэр кыахтара мэлийэр. Маны таһынан, араас генетическай ыарыылара кытары көбүөн сөп. Олохтоох холобуру ылан көрдөххө, билигин Уус Алдаҥҥа биир бааһынай хаһаайыстыба 100 кэлии сүөһүнү аҕалбыта генетическай инфекционнай лейкоз ыарыыта көбөн бэтэринээрнэй харантыыҥҥа олороллор. Онон бу кэлии сүөһүлэргэ тустаах көрүүнү-харайыыны, усулуобуйаны аһылыгы хааччыйар кыахтаах эрэ киһи ылсыһан үлэлиирэ оруннаах.

Билигин Саха сиригэр баар Холмогор уонна Симментаал боруода сүөһүлэр дьиҥнээх боруодаларын тутан тураллар, онтон бу Астрахань диэки кэлбит сирдэригэр билигин бу боруодалар бары булкаастар.

Санатан эттэххэ, Саха ынаҕын сүрүн өҥүн-дьүһүнүн туһунан Егор Револьевич Николаев, Гуманьытаарынай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтүн саха тылын салаатын үлэһитэ,  тыл билимин хандьыдаата матырыйаалын СИА суруйбутун бу сыылканан  киирэн ааҕыаххытын син.

This post was published on 11.05.2023 15:05 15:05