Сүдү киһиэхэ, Күлүмнүүргэ, аны күһүн пааматынньык туруо

ХIХ үйэ бүтүтүтүгэр — ХХ үйэ саҕаланыытыгар саха интеллигенциятын бас-көс киһитэ, бөдөҥ уопсастыбаннай-политическай деятель, сырдатааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылынан улуу киһи аатын норуотугар төнүннэриигэ, кини нэһилиэстибэтин үөрэтиигэ, үйэтитиигэ утумнаах үлэ ыытыллар.


Биир күүтүүлээх уонна долгутуулаах бэлиэ түгэнинэн аны күһүн Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Дьокуускай куоракка Күлүмнүүргэ пааматынньык туруоҕа.

Василий Никифоров Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар уһулуччулаах өҥөтүн аахсан туран, Саха уобалаһыгар земскэй хамсааһын киириитин төрүттээбит уонна дьиҥ олоххо киллэрбит, бэрэстэбиитэллээх уорган баар буолуутун туруорсубут, Саха сиригэр демократическайдык аан бастаан талыллыбыт салайааччыга үйэлэргэ хаалар өйдөбүнньүк өрөспүүбүлүкэ парламенын дьиэтин иннигэр олоҕун булуо.

Күлүмнүүр пааматынньыгын эскиһын оҥорууга 2015 сыл сэтинньитигэр куонкурус биллэриллибитэ. Куонкуруска кыайыылааҕынан скульптор Виктор Федоров тахсыбыта. Виктор Михайлович Федоров өрөспүүбүлүкэҕэ айар эйгэ дьонугар биллэр маастар, идэтийбит скульптор, П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата. Кини Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, Илья Репин аатынан Ленинградтааҕы ойуулуур искусство, скульптура, архитектура академическай институтун бүтэрбитэ. Биллэр үлэлэриттэн Дьокуускайга Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон, академик Владимир Петрович Ларионов, Сибэтиитэл Иннокентий пааматынньыктарын ааттыахха сөп.

Виктор Федорович салайар биэс киһилээх биригээдэтэ дуогабарынан бу эппиэттээх үлэҕэ кулун тутартан ылсыбыта. Пааматынньыгы боруонсаҕа кутуох иннинэ бастаан туойтан оҥоруу, гиипсэҕэ түһэрии ирдэнэр. Онон ити үлэни билигин бүтэрдилэр. Саха Өрөспүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков пааматынньык оҥоһуллуутун көҕүлээччи уонна В.В. Никифоров төрөөбүтэ 150 сыллаах үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэҕэ бэлэмнээн, тэрийэн ыытар кэмитиэти сүрүннээччи буолан, айар үлэ хаамыытын хонтуруолга тутар. Бу күннэргэ спикер мастарыскыайга тиийэн, скульпторы кытта көрүстэ. Виктор Михайловичтаах пааматынньыгы туойтан кутан хайдах оҥорбуттарын көрөн, улуу киһи мөссүөнүгэр үлэ сөптөөхтүк баран иһэрин сыаналаата уонна пааматынньык туойтан оҥоһуллубут варианын бигэргэттэ. Маны сэргэ Күлүмнүүр хос сиэнэ Альбина Никифорова мастарыскыайга бара сылдьан, көрбүтүттэн сүрдээҕин астыммытын биллэрдэ. Онон биригээдэ мантан инньэ боруонсаҕа кутуунан дьарыктанан барыа. Федоров боруонсаны кутууну Саха сиригэр аан бастакынан баһылаабыта. Саҥа пааматынньык гранит акылааттаах буолуо.

Бу үлэ аны күһүҥҥэ диэри силигин ситэн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр пааматынньык үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыа. Скульптор Виктор Федоров бэйэтэ Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх. Онон Күлүмнүүр биир дойдулааҕа буоларынан, бу сүдү киһи улуу мөссүөнүн үйэлээх өйдөбүнньүккэ чочуйарын улахан чиэс итиэннэ өр кэмҥэ иитиэхтээн кэлбит ыра санаа туолуутун быһыытынан ылынар.

This post was published on 25.05.2016 15:08 15:08