СӨ Бырабыыталыстыбата: Хамнаһы улаатыннарыы сыана үрдүүрүгэр тириэрдиэ суохтаах

2018 сылга хамнаһы улаатыннарыы эмискэ сыана үрдүүрүгэр тириэрдэрэ сабаҕаламмат. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай эттэ.


«Баҕар, ханнык эрэ сыана хамсааһына тахсыан сөп, ол гынан баран сабаҕалааһын быһыытынан эмискэ үрдээһин суох буолуоҕа. Барыта нэһилиэнньэ атыылаһар кыаҕыттан көрүллэр. Онон сыана биир тэҥник барарын хонтуруоллуохпут«, — диэн, «Эхо столицы» хаһыат бэрэстэбиитэлэ Олеся Войтович ыйытыытыгар Алексей Дьячковскай эппиэттээтэ.

Санатар эбит буоллахха, бу быһаарыы өрөспүүбүлүкэ үлэлиир араҥатыгар хамнаһы улаатыннарыыны кытта сыһыаннаах. Хамнаһы үрдэтиигэ көҕүлээһин федеральнай киинтэн этиллибитэ. Ол курдук, дойду былааһа 2018 сыл бүтүөр диэри Владимир Путин «ыам ыйынааҕы ыйаахтарын» толорууну ситэрэр сыалтан, 12 хайысханан бюджет үлэһиттэрин хамнаһын улаатыннарар туһунан быһаарыы ылыммыта. Маны сэргэ, хамнас алын кээмэйин тиийинэн олоруу кээмэйигэр тэҥниир туһунан этиллибитэ. Онон, 2018 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр Саха сирин олохтоохторо саамай кырата ыйга 27 900 солкуобай хамнаһы ылар буолуохтаахтар.

Бу миэрэлэр, вице-премьер санаатынан, демография көрдөрүүтэ тупсарыгар туһуланаллар.

This post was published on 29.01.2018 10:15 10:15