Буоһатыы
Тыһаҕаһы 18-20 ыйыгар, ыйааһына 280-340 киилэҕэ тиийдэҕинэ, улахан ынах ыйааһынын 60-65% ситтэҕинэ, сиэмэлэтиллэр, эбэтэр, саптарыллар.
Ынах ууланнаҕына, үөскэҕэ 285 күн иһигэр сайдар. Тиҥэһэ бургунастар төрөөһүннэрэ чэпчэкитик ааһарын, кыахтара баарынан толору үүтү биэрэллэрин ситиһэр туһуттан, төрүөхтэрин 2-3 ый инниттэн таһырдьа чэччитэллэр, оччоҕо чэпчэкитик төрүүллэр, кэнэҕэскилэрэ түргэнник арахсар, үүтү биэриилэрэ 10% үрдүүр. Ити кэмҥэ кинилэр аһылыкка наадыйыылара биллэрдик улаатар. Ол кинилэр үүтү биэриилэрин таһынан бэйэлэрин ыйааһыннара ситэригэр, ууһуур дьоҕурдара кэмин аһарбакка барарыгар наадыйыыттан тахсар.
Төрүөхтэрин 2 ый инниттэн массаастаан синньилэрин сайыннараллар, уоллараллар. Үүттээх ынахтары эрдэттэн ыам көтө-көтө, күн өрүү-өрүү ыаныллыахтаах, уолбутун кэннэ синньигэр үүт хаалыа суохтаах, ол иһин үчүгэйдик бэрэбиэркэлии сылдьыллыахтаах. Ити кэмтэн уһуннук, эбэтэр, кылгастык уоллардахха, кэлэр сыллааҕы үүтүгэр-төрүөҕэр, туругар охсуулаах буолар, онон 2 ыйы тутуһуллар.
Ынаҕы уолбут кэмигэр үчүгэй хаачыстыбалаах отунан күүскэ аһатыллыахтаах. Итини таһынан, минеральнай эбиискэлэри: уҥуох күлүн, тууһу сиэтиллиэхтээх. Итилэри аһылык икки ардыгар бэриллэр. Уолларыллыбыт ынаҕы үчүгэйдик аһатыы кини инники ыанар кэмин быһаарарынан, аһатыыга ахсаабат кыһамньы ууруллуохтаах. Төрүөн 7-10 хонук хаалыар диэри сенаһынан, сиилэһинэн, комбикуорманан аһатар көҥүллэнэр.
Ынах төрүүр кэмэ
7-8 хонук инниттэн туһунан төрөтөр сиргэ туруоруллуохтаах, ынах төрүүр кэмигэр кэтээн, көмөлөһөн төрөтүллүөхтээх. Ньирэй төрөөтүн кытта тута айаҕын, кулгааҕын иһиттэн салахайын ыраастанар, киинин 10-12 см гына быһан баран, дьуотунан сотуллар. Ол кэннэ ийэтигэр кууруор диэри салатыллар. Ынах хара уутугар туһалаах элбэх элеменнэр бааллар, онон иһиккэ тоһуйан, бэйэтигэр иһэрдиллэр.
Оҕотун садата туран, бастакы уоһаҕын ыаныллар уонна ньирэйигэр тотуор диэри аһатыллар. Иккис аһылыгын оҕото туран, аска наадыйдаҕына биэрдэххэ, ньирэй иһэ ыалдьымтыата суох буолар, онтон салгыы эрэсиим быһыытынан аһатыллар. Ньирэй 2-3 ый устата нуормалаах ыаммытынан үүтүн толору истэҕинэ эрэ, кэлин этэ-сиинэ ситэри сайдан, үүттээх-эттээх сүөһү буолар.
Ордубут уоһаҕын ынахха бэйэтигэр иһэрдэр туһалаах. Ынах, тиҥэһэ оҕотун салыы турар кэмигэр хамсаабакка, уоһаҕын толору ыатар. Маҥнайгы уоһаҕын хайдах ыыргыттан кэнники ыамнарыгар үүтүн түргэнник-бытааннык биэрэрэ тутулуктаах. Тиҥэһэни эрдэттэн аҥаардыы атаҕын быанан холку гына баайан, кыаһыга үөрэтиллэр.
Ынахха төрөөбүтүн кэннэ тута 10 л сылаас ууну кыратык туустаан (200 г) баран иһэртэххэ, кэнэҕэскитэ (послед) бириэмэтигэр (4 чаас иһинэн) түһэр. Бастыҥ хаачыстыбалаах отунан тута ынах төһөнү сииринэн аһатыллар, кэнэҕэскитэ түспүтүн кэнниттэн бастакы күнүгэр кыратык 0,5 киилэ комбикуорманы сылаас ууга мэһийэн сиэттэххэ, синньин салгыы сайыннарарыгар көмөлөһөр, салгыы комбикуорма нуорматын күннэтэ эбэн иһиллэр. Иккис күнүттэн сылаас ууну күҥҥэ иккитэ ынах төһөнү иһэринэн уулатыллар. Сорох ынах төрөөн баран, сүрүннээн тиҥэһэлэр, төрүөхтэрин да инниттэн, кииннэриттэн саҕалаан кэннилэригэр тиийэ чөккүрэтээччилэр уонна ыйы быһа чөккүрэҥнэрэ ааһааччыта суох. Ити хас биирдии ынах этин-хаанын туругун уратыларыттан буолар көстүү.
“Раздой”
Бу ынаҕы зоотехническэй көрдөбүллэри тутуһан, бастыҥ хаачыстыбалаах отунан, сиилэһинэн, комбикуорманан толору нуорманан, күннэтэ эбэн аһатан, муҥутуур элбэх үүтүн ыан ылыы, ынах төһө үүтү биэрэр кыахтааҕын билии. Ынахха төрөөбүтэ 7-10 хоммутун кэннэ сиилэһи, эбии аһылык бары көрүҥүн толору нуорманан бэриллэр. “Раздойга” туруоруллар.
Бу кэмҥэ ынах сииньигэр үлэ күүскэ ыытыллыахтаах. Ынах үүтэ салгыы эбиллибэт, биир таһымҥа турар буоллаҕына, аһын эбэри тохтотуллуохтаах уонна ол нуорматын быспакка, 2-3 ый устата аһатан, күҥҥэ 3-4 ыаныллыахтаах. Төрөөбүт ынаҕы төһө аһылыктааххын суоттаан-учуоттаан, тупсаран аһата-аһата, ыыгын. Ынаҕы сөптөөхтүк, үчүгэйдик аһатыы элбэх үүтү биэрэрин таһынан, кэлэр сылга ынах чэгиэн төрүөҕү биэрэригэр сабыдыаллыыр. Үчүгэйдик “раздойдаммыт”, эрдэ төрөбүт ынах мэччирэҥҥэ таҕыстаҕына, “раздой” кэмигэр биэрэ сылдьыбыт үүтүн саҕаны биэрэр.
Ынах синньин хас ыам иннинэ сылаас (40-45 кыраадыс) уунан сууйуллуохтаах, хас биирдии эмиийиттэн маҥнайгы үүтүн туспа иһиккэ ыан ылыллыахтаах. Ыан бүтэн баран, ынах синньин кэнниттэн иннин диэки, инниттэн кэннин диэки, үөһэттэн аллара, онтон хас биирдии эмиийин синньин өлүүлэринэн тус-туспа арааран, соттору сылаас ууга уган ылан баран, массаастаныллар. Маҥнайгы күннэргэ сымнаҕастык, онтон сыыйа эбэн, күүһүрдэн иһиллэр. Итинэн ынах синньэ сайдарыгар, үүттээх буоларыгар көмөлөһөҕүт.
Ынах кыһын эрдэ төрөөтөҕүнэ, күн уһуурун батыһа үүтэ эбиллэн иһэр. Күни кылгыырын батыһа үүтэ сыыйа түһэр. Сайын төрөөбүт ынах маҥнай үүттээх да буоллар, бастакы хаһыҥ түстэҕинэ, тута үүтэ тардан барар. Улахан болҕомто сүөһүнү аһылыгынан хааччыйыыга, эрдэ төрөтүүгэ ууруллар. Ордук күһүнүн от хагдарыйан, сайылык халтаҥнаан, үүт түһэрин саҕана турунуопуһу, хаппыыста сэбирдэҕин, зеленканы эбии аһатыы курдук тэрилиннэҕинэ, ынах ыанар кэмэ уһуур. Күһүн ыанар ынаҕы, бороону бастакы хаһыҥнар түһүүлэриттэн көрөн, хаххалаах сиргэ хоннорор ордук. Балаҕан ыйа бүтүөр диэри ынаҕы күҥҥэ үстэ ыаныллыахтаах. Маннык үлэлээтэххэ, үүт сыата үрдүүр, ынах эрдэ уолбат.
Ньирэйи көрүү-харайыы
Ийэтин уоһаҕын толору туһаммыт ньирэй чэгиэн, төрөлкөй буолар. Бастакы ыйдарыгар суосканан аһаттахха, иһэ-үөһэ сөпкө буһарарга үөрэнэр. Ыаммытынан үүтү икки ый устата иһэрдиллиэхтээх, оттон оккураҥ ньирэйи үс ыйга тиийэ аһатыахха сөп. Оргуйбут ууну 10 хонугуттан саҕалаан, мыыйа сиикэй ууга көһөрүллэр. Оту 10-15, бурдугу 20-25 хонугуттан сиэтэ үөрэтиллэр, холбуллубут үүтүнэн 25-30 хонугуттан эбии аһатыллар.
Минеральнай аһылыгы анал хоруудаҕа бэриллэр. Онно уҥуох бурдугун, тууһу, миэли куталлар. Итинник дороххой, бурдук, сүмэһиннээх аһылыктары эрдэттэн аһатыы ньирэйдэр ас буһарар уорганнара эрдэттэн сайдарыгар, улахан сүөһү буоллаҕына, талымаһа суох, аһылыгы үчүгэйдик иҥэринэригэр туһалаах.
Уоһах алаадьыта
Ынах төрөөбүтүн кэннэ, аҕыйах күн үүтэ араҕас өҥнөөх, хойуу буолар. Уоһах олус элбэх битэмииннээх, минераллаах. Оҕотун иммунитета күүһүрэригэр айылҕаммыт анаммыт мааны ас. Онон ньирэйтэн ордорон, алаадьы, лэппиэскэ, баахыла буһарыныахха сөп. Ону тэҥэ, уоһаҕы бэйэтинэн да кыратык истэххэ, оҕоҕо иһэртэххэ, доруобуйаҕа, иммунитекка туһата улахан.
Уоһах – 250 мл;
уу – 250 мл;
сымыыт – 2 уст.;
туус, саахар (бэйэҥ билэргинэн);
бурдук – 600 г.
Ынаҕы сааһынан араарыы
Ньирэй – төрүөҕүттэн 3 ыйыгар диэри;
Торбос – 4-5 ыйдаах төлөһүйбүт, күһүҥҥэ тиийбит ньирэй;
Борооску – 5 ыйыттан 1 сааһыгар диэри;
Тыһаҕас – 2 саастаах;
Тиҥэһэ – 3 саастаах;
Туҥуй бургунас – аан бастаан төрүүр тиҥэһэ, түөртээх ынах;
Атыыр оҕус – ууһатааччы атыыр оҕус;
Ат оҕус – аттаммыт, көлүүр оҕус;
Кур оҕус – көлүллүбэтэх, мэччирэҥҥэ уотуллубут оҕус;
Кунан – 3-4 саастаах атыыр (ат) оҕус;
Буос ынах – төрүөхтээх, иһигэр оҕолоох ынах;
Үтүрүм ынах – ыанар ынах;
Кытарах ынах – быйыл төрөөбөтөх буолан баран, ыанар ынах;
Субан ынах – ыаммат сүөһү.
Хаартыска: СИА.
Туһаныллыбыт литература: “Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ”, “Якутская кухня”.
Источник: Саха сирэ саайт