Кылгас сайыммыт үтүө күннэрин баттаһан, битэмииннээх оҕуруот астарын көрүү-харайыы, саамай үгэннээн турар кэмэ. Ол эрэн, кэнники кэмҥэ тымныы, уларыйа сылдьар салгыннаах кэмҥэ дьон-сэргэ кэккэ күчүмэҕэйдэри көрсөллөр. Ол курдук оҕурсуу сэбирдэҕэ саһарар, аһа улааппат, чаастатык ыалдьар. Өлгөм аһы ыларга уопуттаах оҕуруоччут Агафья Тарасова сүмэлээх сүбэлэрин тускутугар туһаныҥ.
Оҕуруот аһа эбии аһылыкка наадыйар
Оҕурсуу аһа тахсан иһэн тоҕо саһарарый?
Оҕурсуу аһа тахсан иһэн саһаран, өлөр буоллаҕына, эбии аһылык тиийбэтиттэн уонна ууну сыыһа кутууттан буолар. Аһын биэрэригэр бириэмэтигэр уу кутуутун 2 төгүл элбэтэҕит. Саһарбыт оҕурсууларгытын ылҕааҥ уонна аттыгар баар сэбирдэхтэрин кырыйталааҥ. Умнаһын 60 см курдук кураанах хааллаҕына, эрийэ тутан баран, астаах хаалбыт сэбирдэххитигэр диэри сэрэнэн буорга көмүҥ (кыра мастарынан туттарыаххытын сөп, ити көмпүт умнас силис буолар). Оҕурсууга тымныы уу кутуллубат, лиэйкэнэн ыһан (тарҕатан) кутуллуохтаах. Маны таһынан, 10 лиитэрэ ууга 30 хаапыла йод, 20 грамм хаһаайыстыбаннай мыыла, 1 киилэ үүт кутан баран, барытын үчүгэйдик булкуйаҕыт, оҕурсуу сэбирдэхтэригэр эмиэ ыһыаххытын сөп.
Оҕурсуу аһа тоҕо улаатан испэтий?
Оҕурсуу үүнэр буоругар кальций тиийбэт буоллаҕына, укка тахсыбыт астара ситэ улааппаттар, хатан өлөн иһэллэр, ону тэҥэ оҕурсуу сэбирдэҕэ кумуллар. Оннук түгэҥҥэ 7-8 устуука хаппыт сымыыт хаҕын 700 гр бааҥкаҕа бытарытан баран, 5 киилэлээх биэдэрэҕэ суурайан угун аайы кутуллар. Маны таһынан тэпилииссэ иһигэр баах иһигэр үүнээйи сэбирдэхтэрин, оту-маһы сытытан 10 хонук ааспытын кэнниттэн туһаныахха сөп.
Үүнээйи силиһэ бөҕөргүүрүгэр табыгастаах ньыма
Оҕурсуу силиһэ наһаа дириҥник үүммэт, ол иһин буоругар кыра маһынан хайаҕастары оҥортооҥ — бу силискэ салгын киирэригэр, силис ыарыыттан харыстанарыгар туһалыыр.
Нина Сутакова