Иммунитет диэн тугуй? Ханнык уорганнар кыттыгастаахтарый? Иммуннай систиэмэҕэ маннык уорганнар киирэллэр: бэлэс былчархайа (миндалины) уонна аденоидтар, былчархай (вилочковая железа), лимфатическай былчархайдар, таал (селезенка), муҥур (аппендикс), оһоҕос, силии. Кинилэр бары лимфоциттары (хаан үрүҥ эттиктэрин), иммуноглобулиннары оҥороллор уонна харайаллар.
Лимфоциттар ханнык микробу кытары сэриилэспиттэрин “өйдөрүгэр” хатаан кэбиһэллэр эбит. Ол эбэтэр маннык микроб иккистээн киирдэҕинэ, өссө элбэх лимфоцит атаакалыыр, иммунитет күүһүрэр. Ол иһин быһыы (прививка) биэрэллэр — ыарыы микробтарын укуоллаан киллэрэллэр. Аҕыйах микробу кыайбыт организм иммунитета күүһүрэр.
Былыр быһыы үгүс дьону уоспаттан, чуматтан, о.д.а. быыһаабыта. Организмҥа киирбит өстөөх бактыарыйалары, вирустары лимфоциттар сэриилииллэр. Ол эбэтэр лимфоциттар “антитела” диэн белогу оҥороллор, бу иммунитет саллааттара вирустары суох оҥороллор. Иммуннай систиэмэ күүстээх, лимфоциттара элбэх буоллаҕына, ханнык да инфекционнай “сэрииттэн” кыайыылаах тахсар.
Туох мөлтөтөрүй?
Тумуу, кириип, инфекционнай ыарыылар. Элбэхтик тумуулуур киһи иммунитета мөлтөх буолар. Саха сиригэр битэмиин, ордук кыһыҥҥы өттүгэр, тиийбэтэ баар. Д, С битэмииннэр саппаастара аҕыйыыр. Холобур, Д битэмиин күҥҥэ сырыттахха эрэ, оҥоһуллар.
Истириэс. Киһи уйулҕата күүскэ хамсаатаҕына, хомойдоҕуна, кыыһырдаҕына, долгуйдаҕына, курутуйдаҕына, организма күүрэн хаалар. Истириэс гормоннара (адреналин, кортизол, ацетилхолин) оҥоһуллан тахсаллар, бу кэм уһаан-тэнийэн хааллаҕына, кинилэр иммунитеты мөлтөтөллөр. Онон маннык кэмҥэ холкутуйан, күүстээх санааны ылынан, бигэ итэҕэллээх сырыттахха эрэ, иммунитекка көмөлөһүөххэ сөп.
Кытаанах диета (белок, сыа, углевод тиийбэт буоллаҕына), арыгыны иһии, табахтааһын.
Антибиотиктары мээнэ иһии. Антибиотиктар оһоҕос туһалаах бактыарыйаларын өлөрөллөрүн билэбит. Ол иһин быраас аныы илигинэ, иһиэ суохтаахпыт уонна оһоҕоско көмөлөөх эмтэри (“Линекс”, “Хилак”, о.д.а.) тэҥҥэ иһиэхтээхпит. Иммунитет күүһэ оһоҕостон эмиэ тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит.
Иммунитет мөлтөөбүтүн хайдах билэбит?
Баас бытааннык оһор, ириҥэрэр, “грибок” өрө туран кэбиһэр; тумуу уһуннук, ыараханнык ааһар, элбэхтик киирэр; киһи мөлтүүр, кубарыйар; былчархайдар иһэллэр, улааталлар; мурун иһэ, тыынар уорганнар, тыҥа, хабах ыалдьаллар. Ону тэҥэ, иммунитет мөлтөөтөҕүнэ, аллергия уонна аутоиммуннай ыарыылар көбүөхтэрин сөп.
Эчэйии, ыарахан эпэрээссийэ, искэн, ВИЧ-инфекция, хаан ыарыыта (лимфома, лейкоз), оһоҕоско баар паразиттар, быар, бүөр ыарыылара, химиотерапия, ис ыарыыта (сыптарыйыы, оһоҕос иҥэриммэт буолуута), инфекционнай ыарыылар, антибиотиктары уһуннук иһии, радиация, сыыһа аһааһын, токсиннартан сүһүрүү, анемия, куһаҕаннык утуйуу, ньиэрбинэйдээһин, хамсаммакка, дьиэҕэ бүгэн олоруу иммунитеты мөлтөтөллөр.
Хайдах бөҕөргөтөбүт?
Дьэ, сүрүн ыйытыыбытыгар тиийэн кэллибит. Аһы-үөлү көрүнүү. Сибиэһэй, иҥэмтиэлээх аһы-үөлү аһыы сырыттахха, организм битэмииннэринэн итээбэт. А, Е битэмииннэр таал, вилочковай былчархай үлэлэрин күүһүрдэллэр. Моркуобу, дөлүһүөнү, оливковай арыыны, шпинаты, томат суогун, цитрустары, дьаабылыканы сиэххэ наада.
Иммунитеты бөҕөргөтөргө сыыҥка (цинк) уонна селен туһалаахтар (бүтүн бурдукка, эбиэскэ, кукурузаҕа, индейка, ынах этигэр, бразильскай эриэхэҕэ, чеснокка бааллар). Луук, чеснок вируһу өлөрөллөрүн билэбит. Бэл, хахтаан баран, хоско ууран кэбистэххэ, салгыны ыраастыыллар. Бу бородуукталары күн аайы сии сылдьыахха наада. Чеснок өлүүскэтин аҥаардаан баран, биир лиитэрэ ууга уган, суукка аҥаара туруоран баран, киэһэ утуйаары сылдьан истэххэ, оһоҕоско киирэн, вирустары өлөрөр, иммунитеты бөҕөргөтөр диэн суруйаллар.
Хамсаныы. Киһи 40-50 мүнүүтэ тиритиэр диэри хаамтаҕына, хамсаннаҕына эрэ, ырар кыахтаах. Организмын көмүскүүр күүстэрэ эмиэ күүһүрэллэр. Лимфа сүүрүгүрэрэ түргэтиир, лимфанан иммунитет «эрэллээх байыастара» — лимфоциттар түргэнник үлэлииллэр. Ол иһин лимфа убаҕаһын хамсатарга баанньык эмиэ туһалаах. Онон таһырдьа тахсар кыаллыбат буоллаҕына, күн аайы дьиэ иһигэр 40-60 мүнүүтэ устата көлөһүөн тахсыар диэри дьарыктаныахха наада.
Түннүгү арыйан, дьиэҕитин салгылата сылдьыҥ. Күн тыгар буоллаҕына, сыламнаан ылыҥ. Сынньаныы, утуйуу. Хараҥа хоско уугун хана утуйар эрэ буоллаххына, меланин диэн белок үөскүүр, кини иммуннай систиэмэни көмүскүүр. Эрэһиими тутуһар наадалаах.
Иммуномодулятордар. Эхинация, ньээм-ньээм, прополис, мүөт үүнээйи иммуномодулятордарын быһыытынан биллэллэр.
Сакаалка. Тымныы уунан куттуу, сөтүөлээһин, инчэҕэй сотторунан эти-сиини сотуу иммунитеты бөҕөргөтөр. Ол эрээри, тута тымныыттан саҕалаабакка, сөрүүн ууну туһанан, күн аайы сыыйа тымнытан иһэр ордук. Баанньыктаныы эмиэ туһалаах – лимфаны, хааны ыраастыыр, иммуноглобулиннары элбэтэр.
Монголлар, сахалар эмтэрэ – кымыс
Биэ кымыһа сэллиги эмтиирэ биллэр. Арассыыйаҕа, Башкирияҕа 19-с үйэттэн сэллиги биэ кымыһынан эмтиир санаторийдар бааллара. Коронавирус тыҥаны алдьатар буоллаҕына, эмтииргэ кымыс да туһалаах буолуохтаах. Монголлар ол иһин коронавируһунан ыалдьыбакка олороллор дииллэр.
Хомойуох иһин, билигин биэ кымыһын булар уустук. Биэни ыыр хаһаайыстыба да тарбахха баттанар аҕыйах. Кыаллар буоллаҕына, биэ, коза үүттэрин иһиҥ, бу доруобуйаҕа эмиэ олус туһалаах бородуукталар. Ол кыаллыбатаҕына, ынах ыаммытынан үүтүн, суораты, ап-араҕас арыыны, убаһа этин, сыатын, силиини, тоҥ балыгы, отонтон, дөлүһүөнтэн утахтары – бэйэбит төрүт аспытын-үөлбүтүн сии сатааҥ, дьаҥтан-дьаһахтан көмүскүөхтэрэ.
Биэ кымыһа сэллиги эмтиир буоллаҕына, коронавируһу эмиэ кыайыан сөп.
Кытайдар сүбэлэрэ
Кытай норуодунай мэдиссиинэтэ 5 тыһыынча сылы быһа туһаныллан кэллэ. Кытайдар билигин да туһаналлар, ол да иһин ахсаан өттүнэн элбэхтэрэ, доруобайдара буолуо. Коронавируска да улаханнык бэриммэтилэр. Дьэ, бу үөрэх этэринэн, хочуол курдук тигинэччи үлэлээн, киһиэхэ Ци эниэргийэни биэрэр, сылааһы, хааны оҥорор уорганынан таал буолар. Таалыҥ үчүгэйдик үлэлиир – доруобайгын, иммунитетыҥ күүстээх, уһун үйэлэнэҕин. Онон наар бу уорганнарын бөҕөргөтөн тахсаллар эбит.
Хайдах? Астарын-үөллэрин, эрэһиимнэрин көрүнэллэр. Киһи этигэр баар меридианнар ханаалларыгар анал туочукалары баттыыллар (су-джок). Ону тэҥэ, киэһэ аайы сылаас ууга атахтарын уган, угуттууллар. Боростуой курдук эрээри, бу олус туһалаах ньыма үһү. Кыһын устата киһи организмыгар элбэх убаҕас, сыраан, сил мунньуллар, ол бэлиэтэ — атаҕа-илиитэ, хараҕын анна иһэр, сөтөллөр, элбэх минньигэһи сиэн баҕарар. Онуоха аһыы астары (аһыы биэрэс, имбиир, редька, гвоздика, чеснок, луук, хрен, хартыыһа, приправалар, о.д.а.) сиэтэххинэ, ол убаҕас сыыйа тахсар. Убаҕаһы кытта токсиннар, шлактар эмиэ тахсаллар. Баанньык эмиэ туһалаах. Онон кытайдар киэһэ аайы сылаас ууга атаҕы суунарга, аһыы бородуукталары сииргэ, имбиири кырбаан, мүөттээх чэйи оҥостон иһэргэ сүбэлииллэр.
Доруобай буолуҥ, дьаҥҥа-дьаһахха бэринимэҥ! Илиигитин сууна, мааска кэтэ сылдьаргытын сэргэ, иммунитеты бөҕөргөтөр сүбэлэри туһаныҥ.
Источник: © edersaas.ru сайтан