Сүбэһит: Харантыыны туһалаахтык атаарыахха

Дьиэҕэ бүгэн олорбуппут балтараа ый буолан эрэр. Чааһынай дьиэлээх дьон тиэргэннэригэр тахсан, салгын сиир, ону-маны үлэлээн аралдьыйар эбит буоллахтарына, куорат усулуобуйатыгар кыараҕас кыбартыыраҕа өр кэмҥэ элбэх буолан симиллэн олоруу сыанан аҕаабата биллэр. Ыарахан усулуобуйаҕа ким хайдаҕа-туга, ис дьиҥэ биллэр дииллэр. Ол да иһин харантыын кэнниттэн арахсыы ахсаана элбиэҕэ диэн билгэлээччилэр эмиэ бааллар, суруйар edersaas.ru


Хамсана-имсэнэ сылдьыбыт киһи дьиэҕэ хаайтаран олордоҕуна, этэ-сиинэ ыарыыр, уойан барар. Билигин биллэр спортсменнар бары дьиэлэригэр эрчиллэллэр. Интэриниэтинэн араас эрчиллии көрүҥэ барыта баар. Онтон талан, күҥҥэ биир чааһы анаан, эрчиллиэххэ, хамсаныахха наада – бу доруобай буолуу ирдэбилэ, иммунитеты бөҕөргөтүү биир олуга. Үлэҕэ баттатан, наар бириэмэ тиийбэт диир дьон тохтоон, чуумпуран, бэйэлэрин иһиллэнэн, дьиҥнээхтии тугу баҕаралларын, сөпкө баран иһэллэрин, туох тиийбэтин, тугу сыыһа оҥорбуттарын, о.д.а. ырытан, толкуйдаан көрөн, түмүк оҥостуохтарын сөп. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэннэрин кытары бииргэ буолар, чугасаһар, оҕолоругар болҕомтолорун уурар үтүө түгэннэрэ үүннэ. Харантыыны туһалаахтык атаарыахха сөп. Билиҥҥи интэриниэт үйэтигэр бэйэни сайыннарарга бары усулуобуйа баар.

Күнү былааннааһын
Өр кэмҥэ дьиэҕэ олордоххо, киһи наар биир күдьүс дьайыылартан, уларыйбат хартыынаттан сылайар, хал буолар. Ол иһин эрэсиими тутуһуу, күнү былааннааһын син биир баар буолуохтаах. Аһыы-аһыы утуйуу, күнү-күннүктээн тэлэбиисэри көрүү биир-икки эрэ күҥҥэ туһалаах, онтон киһи мэйиитэ улугуран барар. Күнү былааннааһыҥҥа сарсыарда сөпкө туруу, ас астааһына, сэрээккэлээһин, киинэни көрүү, кинигэни ааҕыы, үөрэнии, үлэ, оҕолордуун оонньооһун, дьиэ кэргэнинэн уопсай дьарык, о.д.а. элбэх дьыала киириэхтээх. Киинэни көрүүгэ, кинигэни ааҕыыга эмиэ туох да сыала суох таах ханааллары эрэ уларытыы буолбакка, туһалааҕын булан, эрдэттэн испииһэк оҥорон, күн аайы ону толорон иһиэххэ наада.
Экстравертарга уустук кэм
Уйулҕа үөрэҕэ этэринэн, дьон интроверт уонна экстраверт диэн тииптэргэ арахсаллар. Интроверт – холку, аҕыйах саҥалаах, чуумпуну, соҕотохсуйууну сөбүлүүр, барытын дириҥник ырытан көрөр киһи. Элбэх билбэт дьонун ортотугар сылдьыан кэриэтэ, кини соҕотоҕун ону-маны гынарын ордорор. Кини дьиэтигэр олорон, мааһа табыллар, дьыалата, интэриэһэ элбэх, хаһан да чуҥкуйбат. Оттон экстраверт аһаҕас, элбэх саҥалаах, кэпсэтэрин, дьону кытта билсэрин сөбүлүүр, элбэх эниэргийэлээх буолан, биир сиргэ хаайтаран олорорун ыарырҕатар. Элбэх дьыаланы оҥорор эрээри, көтүмэх соҕус, уһуннук толкуйдуурун, ырытарын сөбүлээбэт. Харантыыҥҥа олорон саамай эрэйдэнэр киһи – экстраверт. Тыына-быара хаайтарар, хаайыллан олорор курдук сананар, киҥэ-наара холлор. Психологтар экстраверт тииптээх дьоҥҥо маннык сүбэлииллэр: дьиэҕэ олоруу хас биирдии күнүн былааннаан, нэдиэлэнэн бырайыак курдук оҥоруҥ. Ол эбэтэр, урут илии тиийбэтэх үлэтэ, холобур, кыладыапканы ыраастааһын, болкуон өрөмүөнэ, ыскаабы уһаныы – бу кыра бырайыактар. Урут сатаабатах үөрүйэххэ үөрэниҥ – омук тылын үөрэтиҥ, онлайн-куурустары атыылаһыҥ, “ютубка” бэйэ ханаалын арыйыҥ, дьоҥҥо туһалаах бырайыактары толкуйдааҥ. Төлөпүөнүнэн, видеонан доҕотторгутун кытары сибээһи тутан олоруҥ. Онтон олох кыайан тулуйуо суох буоллаххытына, дьоҥҥо көмөлөһөн, волонтердарга кыттыһыҥ.
Босхо үөрэниҥ
Билигин үөрэнэргэ, бэйэни сайыннарарга олус тоҕоостоох кэм. Аан дойду аатырбыт мусуойдара, тыйаатырдара, бибилэтиэкэлэрэ, үөрэтэр порталлар онлайн “ааннарын” тэлэччи астылар. Баларга киирии билиэттэрэ ботуччу сыаналаах, онон билигин босхо көрөн хаалыаххын сөп. Этэргэ дылы, хаһан барытыгар ситиһэн сылдьыаҥый?
— СпбГУ саайтыгар сорох куурустарыгар босхо үөрэниэххэ сөп;
— Coursera, Arzamas научнай-үөрэтэр порталлар куурустара босхо буолла;
— “ютубка” научнай-популярнай ханааллар босхолор;
— аатырбыт “Лувр” мусуойун иһин 360 кыраадыс эргитэ сылдьан көрүөххэ сөп. Экспонаттарын баттаатахха, ол туһунан информация тахсар;
— АХШ Национальнай ускуустубатын галереятыгар тыһыынчанан хартыынаны көрүөххэ сөп;
— Google арт-бырайыага аан дойду 60 мусуойун, галереятын кытары үлэлэһэр. Google Street View технология көмөтүнэн, олору көрүөххэ сөп;
— Австрия тыйаатырдара, ол иһигэр Вена операта испэктээкиллэрин www.staatsoperlive.com платформаҕа көрдөрөр;
— Мариинскай уонна Улахан тыйаатырдар аатырбыт испэктээкиллэрин онлайн көрдөрөллөр;
— Виртуальнай Пушкинскай мусуойга киирэн, Дега, Моне, Ренуар, Ван Гог, Шагал, уо.д.а. хартыыналарын көрүҥ;
— Мадридка Прадо, Парижка Орсе, Лондоҥҥа Британскай, Берлиҥҥэ Пергамскай, Краковка Национальнай, Нью-Йорка Гуттенхайм мусуойдарын, о.д.а. арыйыҥ;
— “Эрмитажка” кэлиэксийэлэр тиэмэлэринэн, эпохаларынан араарыллыбыттар. Хартыыналары улаатыннаран көрүөххэ сөп. Эбэтэр, “Эрмитаж” туһунан 5 чаастаах киинэни көрүҥ: 45 саалаҕа 588 шедевры уһулбуттар;
— Лев Толстой “Ясная поляна” мусуой-уһаайбатыгар, Сергей Есенин мусуой-заповеднигар, Третьяковскай галереяҕа, Нуучча мусуойугар, о.д.а. виртуальнай туурдар бааллар.
Скайп-бэчэрииҥкэ
Өссө хайдах аралдьыйыаххытын билбэт буоллаххытына, маннык сүбэлэр бааллар. “Скайп” нөҥүө хас да буолан, конференц-сибээһи холбоон, көмпүүтэр иннигэр үҥкүүлээҥ. Биир ди-джейи талаҕыт, кини муусуканы холбуур. Кытайга маннык бэчэрииҥкэлэр муодаҕа киирбиттэр. Дьокуускайга төрөөбүт күннээхтэр, үбүлүөйдээхтэр Zoom сыһыарыы нөҥүө бырааһынньыктыыр буоллулар. Биир кейтеринг сулууспатыттан биир тэҥ ас сакаастаан баран, бары эҕэрдэлииллэр, ыллыыллар-туойаллар.
Остуол оонньуулара
“Монополияттан” саҕалаан, араас остуол оонньуулара сынньалаҥы сэргэхситэллэр. Анал маҕаһыыннар аныгы оонньуулары дьиэҕитигэр аҕалан биэриэхтэрэ. Ону тэҥэ, “былыргылыы” хаартылаан, лотуолаан, дуобаттаан, хабылык, хаамыска хабан, күрэхтэһии тэрийэн, оҕолору сайыннарыахха сөп.
Кинигэтэ ааҕыҥ
А.Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар – nlib.ru архыып докумуоннарын, араас литэрэтиирэни киирэн ааҕыахха сөп. Төрүттэргитин интэриэһиргиир буоллаххытына, архыып докумуоннарын көрүү босхо буолла. “Сахабэчээт” саайтыгар саха классик уонна аныгы суруйааччыларын айымньыларын бэчээттииллэр. Ааҕартан хараххыт сылайар буоллаҕына, аудиокинигэлэри истиҥ. Storytel сыһыарыы харантыын кэмигэр биир ый босхо ханнык баҕарар кинигэни истэргин көҥүллүүр. Сыһыарыыны төлөпүөҥҥэр хачайдыыгын. “ЛитРес” сыһыарыыга аудиокинигэлэр эмиэ бааллар. «Альпина. Книги» сервискэ 70 кинигэни босхо хачайдыыгын.
Киинэтэ көрүҥ
Okko диэн онлайн киинэ тыйаатыра “Оптимум” пакеты 14 күн босхо көрөргө көҥүллүүр. Онуоха Telegram ханаалга @okkobro_bot киирэн, сайаапка быраҕаҕын. Ivi онлайн киинэ тыйаатыра саҥа сурутааччыларын 1 солкуобайга эрэ ыам ыйыгар диэри холбонорго ыҥырар. Premier уонна КиноПоиск HD (pokavsedoma промокодунан), more.tv. онлайн-сервис бу күннэргэ эмиэ босхо үлэлииллэр.

This post was published on 03.05.2020 12:01 12:01