2024 сылга окко былаан 435 тыһыынча туонна. Маны сэргэ «Кормопроизводство» бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 175 мөл солк, олохтоох бюджеттан 204 мөл солк 14 тыһыынча туонна сенаж уонна 29 тыһыынча туонна сиилэс бэлэмнээһинигэр үбүлээһин көрүлүннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылары өйүүр бырагырааманан бу сылга сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ 203 анал техника уонна оборудование ылыллар, 198 км күрүө тутуллар, 1 сиилэс траншеята уонна үс 400 туонна киирэр от харайар эбийиэк тутуллар.
Билиҥҥи дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 421 га ходуһа охсулунна, онно 164 туонна от кэбиһилиннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров эппитинэн, от бэлэмэ борогунуос быһыытынан 370 тыһ туонна, былаантан 85% туолар. Судургута суох балаһыанньа илин эҥэр оройуоттарга сабаҕаланар.
Айсен Николаев түмүк таһаарарыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ мобильнай биригээдэлэри тэрийэригэр, кыстыгы туруктаахтык туоруурга сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ сөптөөх быһаарыылары ыларыгар сорудахтаата.
Баһылык сотору кэминэн муниципальнай оройуоттарга тыа хаһаайыстыбатыгар биирдиилээн боломуочуйалар бэриллэллэрин иһитиннэрдэ. Анаан мунньах тэриллиэҕэ. Баһылыктар миэстэтигэр оҥорон таһаарыыны күүһүрдэллэригэр этилиннэ.
This post was published on 12.07.2024 09:33 09:33