Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 29 күнүттэн Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Сунтаар, Нам, Уус Алдан, Хаҥалас, Томпо, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай куоратыгар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин биллэрдэ. Бу туһунан СИА Ил Дархан инстаграмна суруйуутугар сигэнэн суруйар.
«Тыа сирин олохтоохторо куйаас сайын, кураан күннэр от бэлэмнээһинигэр ыарахаттары үөскэппиттэрин туһунан чаастатык этинэллэр», — диэбит Айсен Николаев.
Кини Бырабыыталыстыбаҕа туһаайан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ наадалаах бары миэрэлэри ылалларыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоҥҥо көмөлөһөллөрүгэр сорудахтаата.
«Кураан содулун туоруурга булгу көмөлөһүөхпүт», диэбит Ил Дархан.
This post was published on 29.07.2021 17:01 17:01