Олоҥхо Ыһыаҕар Сунтаар улууһуттан төрүттээх Рустам Ксенофонтов үһүс төгүлүн кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Быйылгы Ыһыах Күүстээх Ааппый сырдык аатыгар ананна.
Турнир спорт национальнай биэс көрүҥэр ыытылынна. Ол курдук, күрэстэһээччилэр «УАЗ» массыынаны состулар, тааһы көтөхтүлэр, гиирэни бырахтылар, 70 кг ыйааһыннаах бэрэмэдэйи сүгэн сүүрдүлэр, ыарахан таастары тастылар.
Өрөспүүбүлүкэ тоҕус улууһуттан 13 спортсмен бастыыр иһин кииристэ. Кинилэр ортолоругар «Майаҕатта Бэрт Хара» турнир кыайыылааҕа Дьулустаан Сыроватскай, мас тардыһыытыгар уонна паэрлифтиҥҥэ спорт маастара Егор Баишев, мас тардыһыытыгар аан дойду Кубогар бириистээх миэстэҕэ тиксибит Михаил Гоголев, Дыгын Оонньууларын үрүҥ көмүс мэтээлин кэппит Алексей Козлов, мас-рестлиҥҥэ аан дойду чөмпүйүөнэ Федор Федоров бааллар.
Рустам Ксенофонтов массыынаны соһууга, гиирэни быраҕыыга уонна 70 кг ыйааһыннаах мөһөөччүгү сүгэн баран сүүрүүгэ тэҥнээҕин булбата.
«Биллэн турар, хас биирдии кыайыы сыраны-сылбаны эрэйэр эрчилиинэн ситиһиллэр. Мин Иван Белолюбскай «Боотур» кулуубугар дьарыктанабын. Быйыл алтыс төгүлбүн Олоҥхо Ыһыаҕар кыттабын. Мантан салгыы мас-рестлиҥҥэ аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэниэм», — диэн кини СИА-ҕа эттэ.
Олоҥхо Ыһыаҕын бу күрэхтэһиитигэр иккис миэстэни Уус-Алдантан кыттыбыт Ньургун Петухов ылла. Кини 127 кг ыйааһыннаах тааһы 93,30 м диэри илтэ. Үһүс бириистээх миэстэни Усуйаана спортсмена Алексей Козлов ситистэ.
«УАЗ» массынаны күрэхтэһээччилэр 50 м. диэри состулар. Оттон салгыы кинилэр 50-тэн 124 кг диэри ыйааһыннаах тааһы тастылар. Гиирэни быраҕыы, ол эбэтэр тааһы балаҕан нөҥүө кыыраттылар. Манна ким ыраах бырахпыт, ол кыайар.
70 кг. ыйааһыннаах мөһөөччүгү көтөҕөн баран 100 м. сүүрдүлэр. Бүтэһик түһүмэх – 124 кг. ыйааһыннаах тааһы көтөҕөн ыраах илдьибит, ол кыайда.
This post was published on 01.07.2016 12:50 12:50