Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун үлэһитэ, саха сүөһүтүн чинчийиигэ өр сыллартан үлэлиир, тыа хаһаайыстыбатын наукатын хандьыдаата Руслан Попову кытары биһиги бүгүҥҥү кэпсэтиибит төрүт боруода сүөһүгэ ананна. edersaas.ru.
– Саха сүөһүтэ 1928 сыллаах чахчынан, 530 тыһ. ахсааннаах буоллаҕына, 1941-1945 сс. сут содулугар, онтон кэлиҥҥи сылларга симменталь уонна холмогор боруодалар маассабайдык аҕалыллыбыттарын түмүгэр, быстар аҕыйаабыта. Эбээн Бытантайга эрэ ордон, 1990-с сс. 965 сүөһү баара. Уруурҕаһыы тахсан, ситэ сайдыбатах, икки төбөлөөх, аҥаар харахтаах ньирэйдэр төрөөн киирэн барбыттара. Ол иһин, учуонайдар көҕүлээһиннэринэн, 1994 с. Горнай улууһугар «Улуу Сыһыы» генопуонда тэрилтэтэ тэриллэн, Эбээн Бытантайтан 5 ынах уонна 42 ыччат сүөһү, эһиилигэр 26 сүөһү аҕалыллыбыта, «Дьокуускайдааҕы» научнай-производственнай холбоһук иһинэн Саха сирин кыылын-сүөлүн генопуондатын харыстыыр лаборатория тэриллибитэ. 2001 с. «Саха ынаҕын генопуондун харыстааһын уонна туһаныы туһунан» диэн сокуон бигэргэммитэ, 2002 с. «Саха сүөһүтүн генопуондун тыыннаах хаалларар үлэ тэрээһиннэрин туһунан» бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров ыйааҕа, 2003 с. «Саха сүөһүтүн генопуондун өйүүр судаарыстыба дьаһалларын туһунан» бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыбыттара. Ол түмүгэр, күн бүгүн төрүт сүөһүбүтүн ууһатан иитиигэ сэттэ салаалаах «Саха сүөһүтэ» хааһынаттан үбүлэнэр генопуонда тэрилтэтэ итиэннэ уон алта улууска тирэх, бааһынай хаһаайыстыбалар үлэлииллэр. Барыта 2 021 сүөһү, ол иһигэр 840 ыанар ынах баар. Онон, саха сүөһүтүн улуустарынан тарҕатан, уруурҕаһыыны бохсон, хаан буккуурун тохтоттубут. Ыанар ынаҕын ахсаана биир тыһыынчаҕа тиийбит боруода сүөһү «эстэр туруктаах» диэн кирбииттэн тахсар. Биһиги итиннэ чугаһаан эрэбит. Үлэ иккис түһүмэҕэ ынах ахсаанын биэс тыһыынчаҕа тиэрдии буолар. Оччотугар сүөһүнү удьуорунан сүүмэрдээн, талан иитэр кыахтанабыт. 10000 ынахтаннахпытына, саха сүөһүтэ сайдар кэскиллэннэ диибит.
This post was published on 12.06.2020 17:01 17:01