Алтынньы 13 күнүнээҕи туругунан, Саха сирин аптекаларыгар коронавирус инфекциятын кытта охсуһар эмп толору саппааһа баар.
Гидроксихлорохин, азитромицин, интерферон-альфа, арбидол, амоксиклав, парацетамол аптекаларга төһө баара хонтуруолланар.
«Росздравнадзор» тэрилтэ ааҕыытынан, 479 устуука — гидроксихлорохин, азитромицин – 12809, интерферон-альфа – 7588, арбидол – 9536, амоксиклав – 12261, парацетамол – 74286.
Ааспыт нэдиэлэҕэ вируһу кытта охсуһар эмп Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Нам, Ньурба аптекаларыгар тириэрдилиннэ.