«Ростелеком» Ленскэй оройуонугар оптиканы киллэрэр

Ленскэй оройуонун дьаһалтатын кытта бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥэр олоҕуран, «Ростелеком» тэрилтэ сибээс волоконнай-оптическай линиятын нэһилиэнньэлээх пууннарга тириэрдэр. 2020 сыл сайыныгар 10 сэлиэнньэ холбонуохтаах. Ахсынньы 20 күнүгэр тест эрэсииминэн Хоту Нүүйэҕэ, Чамчаҕа, Орто-Наахараҕа холбоотулар.


Ленскэй оройуонун сиригэр-уотугар ВОЛС тест эрэсииминэн холбоноругар хаабыла улуус кииниттэн Орто-Наахараҕа диэри тириэрдилиннэ. Исписэлиистэр 87 килэмиэтир магистральнай линияны тартылар. Уопсай күүһэ — 10 Гбит/с. Бастакынан түөрт административнай эбийиэк Хотугу Нүүйэҕэ, Орто-Наахараҕа киллэрилиннэ. Интернет түргэнэ — 50 Мбит/с.

2020 сылга Ленскэй оройуонугар барыта уон нэһилиэнньэлээх пуун интернеккэ холбонуохтаах: Хотугу Нүүйэ, Чамча, Орто-Наахара, Мурья, Батамай, Бэтинчэ, Нүүйэ, Натора, Дорожнай уонна Турукта. Уопсай үлэ иэнэ 400-тэн тахса килэмиэтир.

Бырайыак судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһиҥҥэ олоҕуран, олоххо киллэриллэр.

This post was published on 20.12.2019 14:38 14:38