Племенной уонна табаарынай сүөһү иитиитин сайыннарыыга үрдүк көрдөрүүлэрин иһин наҕараадаланнылар: «Саха сүөһүтэ» генофонднай хааһына тэрилтэтэ, «Болугур» ТХПК (Амма улууһа), «Ючюгейское» АУо (Өймөкөөн улууһа) уонна бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Мичил Прокопьев (Дьокуускай), үрүҥ көмүһүнэн — «Сахаагроплем» тэрилтэ.
Бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар астарын 29 көрүҥэ «За производство высококачественной пищевой продукции» куонкуруска кыттар, племенной тэрилтэлэр бэйэлэрин ситиһиилэрин «Животноводство» түһүмэххэ көрдөрөллөр.
Саха сирин павильонугар сыр, ынах арыыта, сакалаат, мармелад, күөх луук, балык арааһын көрүөххэ сөп.
Быыстапкаҕа Саха сириттэн 100-тэн тахса агропромышленнай комплекс бэрэстэбиитэлэ кыттар, ол иһигэр агропрофилированнай оскуолалар.
This post was published on 11.10.2024 10:27 10:27