Дьокуускайга буола турар Хотугу форум кэмигэр Россия уонна Китай бэрэстэбиитэллэрэ көрсүһүүлэри оҥороллор. Экспертэр уонна учуонайдар бу икки судаарыстыба бииргэ үлэлээһиннэригэр Саха сирин оруолун ырыталлар, диэн иһитиннэрэр СИА.
Россия уонна Кытай бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах төгүрүк остуолу историческай наука кандидата, Арктическай уонна антарктическай научнай чинчийэр институт старшай научнай сотруднига Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыытта.
«Хас эмэ сыллаах историялаах Россия уонна Кытай сыһыаннаһыыларын сүрүн кирбиилэрин ырытыһар сыаллаах тэрээһини үлэлэтэбит. Бу сырыыга ыалдьыттар Саха сиригэр кэллилэр. Манна бииргэ үлэлээһиҥҥэ сүрүн хайысхалары учуонайдар ырытыһаллар. Биһиги бу икки судаарыстыба алтыһыытыгар Саха сирин оруолун быһаарыахпытын баҕарабыт. Экономическай, философскай, политическай, историческай наукалар доктордара бааллар, кинилэр бэйэлэрин эйгэлэринэн дакылааттары ааҕыахтара, этиилэри киллэриэхтэрэ», – диэн бэлиэтээтэ Харлампьева.
Санатар эбит буоллахха, маннык көрсүһүүлэр 2011 сылтан ыытыллаллар. Ылыллыбыт этиилэр, ыйыылар-кэрдиилэр Россия уонна Кытай Арктикаҕа бииргэ үлэлээһиннэригэр сүрүн тосхолу оҥорууга чопчулааһыннары киллэриэхтэрэ. Практика көрдөрөрүнэн, дакылааттар икки судаарыстыба дуогабарга уонна сөбүлэҥнэргэ илии баттаһарыгар төрүөт буолаллар.
Экспертэр норуоттар икки ардыларынааҕы экономическай бииргэ үлэлээһин кыһалҕаларыгар, хотугу муора суолун, Соҕуруу Кореяны, Хотугу Кореяны, Кытайы, Уһук Илини уонна Арктиканы сибээстиир тырааныспар эйгэтигэр Саха сирин оруолун тула дакылааттары оҥордулар.
This post was published on 26.09.2019 16:53 16:53