Владимир Путин сорудаҕынан Россия бырабыыталыстыбата оҥорон таһаарыыга анаммыт дьиэни-уоту ылыыга промышленнай ипотеканы биэриини саҕалыаҕа. Ол туһунан ТАСС дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустиҥҥа сигэнэн суруйда.
«Уураах бэлэмнэннэ, Россия тэрилтэлэрэ уһун болдьоххо чэпчэтиилээх кредиты оҥорон таһаарыыларыгар туһаныыга дьиэни-уоту атыылаһарга ылыахтарын сөп», — агентство Мишустин тылларын суруйда.
Бырабыыталыстыба быһаарыытынан, маннык дьаһал оҥорон таһаарар тэрилтэлэр саҥа дьиэни-уоту атыылаһалларыгар ороскуоттара кыччыахтаах.
This post was published on 06.09.2022 16:21 16:21