Россия үөрэҕин министиэристибэтэ БКЭ-ни туттарыы алын кээмэйигэр бирикээс бырайыагын оҥордо

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россия үөрэҕин министиэристибэтэ 20252026 үөрэх дьылыгар биир кэлим эксээмэни туттарыыга баал алын кээмэйин бигэргэтиигэ бирикээс бырайыагын таһаарда. Докумуон туһааннаах федеральнай порталга бэчээттэннэ. Ол туһунан «Парламентская газета» суруйда.

Алын бааллар:

  • нуучча тыла — 42 балла;
  • математика — 39 баллов;
  • физика — 39 баллов;
  • обществознание — 42 балла;
  • история — 35 баллов;
  • информатика — 44 балла;
  • омук тыла — 30 баллов;
  • литература — 40 баллов;
  • биология — 39 баллов;
  • география — 40 баллов;
  • химия — 39 баллов.
2023/2024 үөрэх дьылын кытта тэҥнээн, обществознание баалын 45-тэн 42-гэ түһэрэргэ, оттон нуучча тылын 40-тан 42-гэ таһаарарга этиллэр.

This post was published on 22.10.2024 19:04 19:04