«Доступная среда» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн «Россия почтата» доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон тэрилтэ өҥөтүнэн толору туһаналларыгар анаан эбийиэктэрин өрөмүөннээтэ. Саха сиригэр 24 отделение саҥардылынна, диэн СИА-ҕа тустаах пресс-сулууспа иһитиннэрдэ.
«Бу сылга биһиги филиалбыт былааннаммыт өрөмүөн үлэтин барытын толордо. Саҥа киэпкэ уларытан биэрии — бу аныгы ирдэбиллэргэ сөп түбэһии уонна өҥөнү оҥорууга стандартары уонна технологиялары тупсарыы. Почта отделениелара социальнай суолталаах эбийиэктэринэн буолаллар, биһиги килийиэннэрбит оҥоһуллар өҥөлөр хаачыстыбаларын сөбүлүөхтээхтэр», – диэтэ тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Петр Птицын эттэ.
Россия почтата тэрилтэ «Доступная среда» бырагыраама көхтөөх кыттааччыта. 2016 сылтан саҕалаан, 5000-тан тахса отделениятыгар инбэлииттэр, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон өҥөнөн туһаналларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэр.
This post was published on 28.12.2019 11:34 11:34