Спорт арбитражнай суута паралимпиецтары Рио Оонньууларыттан тохтотор туһунан быһаарыыта күүһүгэр хаалла. Дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар уопсайа 270 спортсмен киирбитэ, кинилэр ортолоругар Саха сириттэн Анастасия Диодорова, Владимир Балынец, Степанида Артахинова, Алена Дмитриева бааллара.
Ричард Макларен салайааччылаах допины утары аан дойдутааҕы агенство (WADA) от ыйын 18 күнүгэр Россияҕа допины туттууга сыалай систиэмэ үлэлиирин туһунан эппитэ.
Норуоттар икки ардыларынааҕы паралимпийскай кэмитиэт (IPC) баһылыга Филип Крэйвен Россия спортсменнарын Олимпиадаттан туоратар туһунан туруорсуута атырдьах ыйын 7 күнүгэр өйөммүтэ. Россия паралимпийскай кэмитиэтэ маны утарбыта эрээри, быһаарыы уруккутунан хаалла.
XV-с Паралимпийскай сайыҥҥы оонньуулар балаҕан ыйын 7-18 күннэригэр Рио-де-Жанейро куоракка мусталлар. 176 дойдуттан 4 тыһыынчаттан тахса спортсменнар ортолоругар спорт 22 көрүҥэр мэтээл 528 кэмпилиэгэ оонньонуоҕа.
This post was published on 24.08.2016 13:59 13:59