Россия олохтоохторун олунньуга уһун өрөбүллэр күүтэллэр

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, Россия олохтоохторун олунньу 22 — 24 күннэригэр өрөбүллэр күүтэллэр. Бу туһунан СИА РИА Новости ханаалыгар сигэнэн суруйар.


Россияҕа олунньу 23 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ бэлиэтэнэр. Бырааһынньык өссө ССРС кэмигэр үөскээбитэ уонна Сэбиэскэй аармыйа уонна байыаннай-муора флота күнэ диэн ааттанара.

Рострудка быһаарбыттарынан, бырааһынньык быйыл баскыһыанньаҕа түбэһэринэн, өрөбүл күн бэнидиэнньиккэ көһөн биэрэр. Онон үлэ нэдиэлэтэ оптуорунньуктан саҕаланар.

This post was published on 17.02.2020 17:12 17:12