Россия олохтоохторун кылгас үлэ нэдиэлэтэ күүтэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кэлэр нэдиэлэҕэ Россия олохтоохторугар үс күннээх үлэ нэдиэлэтэ буолар. Түөрт күннээх өрөбүллэр судаарыстыбаннай бырааһынньыкка — Россия күнүгэр — анаан быһаарылыннылар.

Биэс үлэ күннээх нэдиэлэҕэ бэнидиэнньик, оптуорунньук, сэрэдэ (бэс ыйын 9, 10, 11 күннэрэ). Чэппиэртэн бастыкыаһыанньаҕа диэри өрөбүллэр — бэс ыйын 12, 13, 14, 15 күннэрэ.

Бырааһынньык иннинээҕи сэрэдэ, бэс ыйын 11 күнэ, биир чааһынан үлэ күнэ кылгыыр.

This post was published on 03.06.2025 16:01 16:01