Россия олохтоохторун бу сылга бүтэһик бырааһынньыктааҕы өрөбүл күүтэр

Россия олохтоохторун 2020 сылга бүтэһик бырааһынньыктааҕы өрөбүл күүтэр — сэтинньи 4 күнэ, Норуот сомоҕолоһуутун күнэ, суруйар РИА Новости.


Үлэ кодексатыгар олоҕуран, сэтинньи 4 күнүгэр Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бэлиэтэнэр, Россияҕа бырааһынньыктааҕы өрөбүл күнүнэн биллэриллэр. Быйыл сэтинньи 4 күнэ сэрэдэҕэ түбэһэр.
Ыйга бырааһынньыктааҕы өрөбүл күн баара үлэһит хамнаһа кыччыырыгар төрүөт буолбат, диэн Үлэ кодексатыгар суруллар. Сэтинньи 3 күнүгэр үлэ күнэ биир чаас кыччыыр.

This post was published on 28.10.2020 18:01 18:01