Россия олохтоохторун бэс ыйыгар үс хонуктаах үлэлээбэт күн күүтэр

Россия күнэ, бэс ыйын 12 күнүгэр бэлиэтэнэр бырааһынньык, быйыл субуотаҕа түбэһэр. Онон бэнидиэнньик, бэс ыйын 14 күнэ, эмиэ өрөбүл күнүнэн биллэриллэр.


«Үлэ халандаарыгар олоҕуран, бэс ыйын 12 күнэ бырааһынньык быһыытынан биллэриллэр. Онон нэдиэлэҕэ биэс үлэ күннээхтэр субуоталара бэнидиэнньиккэ, ол эбэтэр бэс ыйын 14 күнүгэр сыҕарыйан биэрэр», — диэтэ адвокат Владимир Постанюк.

Источник: «Коммерсантъ»

This post was published on 31.05.2021 12:01 12:01