Страховой биэнсийэ сүрүн индексацията тохсунньу 1 күнүттэн уларыйбыта, олунньуга ыйдааҕы төлөбүр сорохторго эбиллэр, ол иһигэр 80 саастарын туолбуттарга.
Ол туһунан «Прайм» ааҕыныстыбаҕа РУДН экономикаҕа факультетын доцена Андрей Гиринскай эттэ, суруйар РИА Новости.
Ыйдааҕы биэнсийэҕэ эбиллии сорох категорияларга биллэр — бастатан туран чэпчэтиинэн туһанааччыларга. Ити Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэригэр, Россия Геройдарыгар, сэрии инбэлииттэригэр уо.д.а.
«ЕДВ индексацията ааспыт сыллааҕы инфляцияҕа сигэнэр, онон барыллаан 7,4–7,5 бырыһыан», — диэтэ Андрей Гиринскай.
This post was published on 25.01.2024 15:01 15:01