Арктика зонатыгар 1 гектарга диэри кээмэйдээх сир учаастагын Россия олохтоохторо босхо ылар кыахтаахтарын туһунан эттилэр. Маннык сокуон барылын Госдума регионнар бэлиитикэлэригэр уонна Хотугу сиргэ уонна Уһук илиҥҥэ кыһалҕаларыгар кэмитиэтэ көрүөҕэ, суруйар Парламентская газета.
Докумуону бырабыыталыстыба муус устар 19 күнүгэр кэмитиэт көрүүтүгэр киллэрбитэ. «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама хаамыытын Арктикаҕа тарҕатар туһунан этиллэр.
Маннык сир учаастагар дьиэ туттуохха, бизнес тэниэххэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьарыктаныахха сөп. Учаастак 5 сылга бэриллэр, салгыы сыалынан туттубут буоллаххына — бэйэҥ бас билиигэр суруйтараҕын эбэтэр аренда дуогабарын түһэрсэҕин.
Миниистирдэр кабинеттара сокуон барыла Арктика социальнай-экономическай сайдыытыгар сөп түбэһэрин уонна олохтоохтор интэриэстэрин учуоттуурун этэр.
Учаастактар судургу схеманан бэриллиэхтэрэ. Бырагыраама олоххо киирдэҕинэ бастакы сыл 6 ыйыгар бу сир эрэ олохтоохторо ылар кыахтаахтар. Ол эрэ кэннэ Россия атын регионнара кыттыахтарын сөп.
This post was published on 13.05.2021 10:01 10:01