Россия Олимпийскай кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрэ «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VI-c спортивнай Оонньууга бэлэмнэниини үрдүктүк сыаналаатылар. Ити туһунан норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт президенэ Дмитрий Глушко суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ эттэ.
«Спортка доҕордоһууттан – сиргэ эйэ туругурарын туһугар!» диэн Оонньуу девиһин параад кэмигэр бэлиэтии көрөн, ону ордук биһирээтилэр. Политика туонатыгар утарыта турсуу, араллаан баар да буоллар, манна баар араас омук сирдэрин спортсменнара араб дойдуларыттан кэлбит ыалдьыттары кытта Олимпийскай биир дэриэбинэҕэ эйэ-дэмнээхтик олороллор, ким кыахтааҕын спорт нөҥүө көрдөрөллөр», —диэтэ Дмитрий Глушко.
Кини этэринэн, ким элбэх мэтээли ылыаҕа номнуо биллэн эрэр. «Манна олоҕуран сабаҕалааһыннары оҥоруохха сөп. Түмүккэ Саха сирэ Сибиир, Казахтан, Монголия, Кыргызстан чаҕылхай спортсменнарын кытта күөн көрсүөхтэрэ. Оонньуу хаһаайыннарыгар урукку курдук баһылааһын суох буолуоҕа», — диир кини.
Күрэхтэһиигэ кыттар дойдулар национальнай олимпийскэй кэмитиэттэрин бэрэстэбиитэллэрэ баалларын кини бэлиэтиир. Холобур, Непал национальнай олимпийскай кэмитиэтин президена, Шри-Ланки олимпийскэй кэмитиэтин вице-президенэ, спорт көрүҥнэригэр национальнай федерация салайааччылара бааллар.
Ыалдьыттар күрэхтэһиилэри көрүүнэн муҥурдамматтар, уопуту үөрэтэллэр уонна ону национальнай күрэхтэһиилэригэр туһанар соруктаахтар. Холобур, Туркменистаантан кэлбит күүстээх спортсменнары таһынан стажеравканы ааһар 20 специалист баар. Итинтэн 12 киһи спорт эбийиэктэригэр волонтерунан, 10 киһилээх бөлөх тэрийэр кэмитиэттэри уонна хамыыһыйалары кытта үлэлииллэр.
«2017 сылга Туркменистан бырабыыталыстабата Ашхабад куоракка V-с «Бойобуой искусствоҕа Азия Оонньууларын» сабыылаах эбийиэктэргэ ыытар. Кинилэргэ бу бастакы улахан таһымнаах күрхтэһии, онон кинилэр уопуту үөрэтэ кэлбиттэр», — диир Дмитрий Глушко.