Техническай регламент нуорматын аһардар оксиметилфурфурол канцерогены «Маркет Перекресток», «Моя цена», «Правильный мед», «Щедрый год» атыы-эргиэн бородууксуйаларыгар буллулар. Бу аата мүөт олус ититиллибит.
Фальсификация үс тиибэ булулунна: ГОСТ-ка эппиэттээбэт фруктоза уонна глюкоза баара, пролин буккуллубута уонна диастазка нуормаҕа сөп түбэспэт.
Ол эбэтэр бородууксуйаҕа нуорманы таһынан глюкозно-фруктознай сироп кутуллубут эбэтэр ыҥырыалары саахар сиробунан аһатыллыбыт. «Дедушкин улей», «Каждый день», «Медовый край», «Мёдэм», «Моя цена», «О’кей», «Своя пасека», «Пчеловод Иван Бортников», «Щедрый год» маннык дьаһаммыттар.
Пролин «Каждый день», «Мёдэм», «Моя цена», «О’кей», «Пчела Ая», «Щедрый год» бородууксуйаларыгар буккуллубут.
Диастазка ГОСТка эппиэттээбэт «Каждый день», «Маркет Перекресток», «Мёдэм», «Моя цена», «О’кей», «Правильное решение», «Пчела Ая», «Своя пасека», «Щедрый год», Natural Honey мүөттэрэ.
This post was published on 22.11.2024 16:02 16:02