РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ регионнааҕы былаастар дьахтар олоҕун тупсарыыга сөптөөх дьаһаллары тэрийэллэригэр этиилэри оҥордо.
Докумуоҥҥа этиллэринэн, регионнар дьахтар олоҕо тупсарыгар сөптөөх былааны уонна салайар механизмнары туттуохтаахтар.
Чуолаан, дьахтар доруобуйатын харыстыырга, экономическай балаһыанньатын тупсарыыга, олоҕун уйгута улаатарыгар, социальнай туруга көмүскэллээх буоларыгар, уопсастыбаннай-политическай олоххо кыттыыта кэҥииригэр этиилэр бааллар.
Регионнааҕы былааҥҥа эбии түһүмэх быһыытынан дьахтар олорор сирин уратыта учуоттаныахтаах.
Толоруулаах былаас бу күннэргэ 2022 дылы сыаллаах былааны оҥорон бигэргэтиэхтээх.
This post was published on 10.01.2020 11:55 11:55