Россия күнэ. Бу нэдиэлэ түөрт үлэ күннээх буолуоҕа

Бэс ыйын 12 күнүгэр Россия күнэ бэлиэтэнэр. Онон үүммүт нэдиэлэҕэ түөрт үлэ күнэ биллэриллэр. Суруйар РИА Новости.


Үлэҕэ федеральнайдааҕы сулууспа иһитиннэрбитинэн, бу нэдиэлэҕэ үлэ күннэринэн бэс ыйын 8 — 11 күннэрэ буолаллар. Бүтэһик күн, бырааһынньык иннинээҕи күн буоларынан, кылгатыллыбытынан биллэриллэр.

Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, президент ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, бэс ыйын 24 күнэ эмиэ үлэлээбэт күнүнэн биллэриллэр, ити эрээри хамнас ааҕыллар. Бу түгэҥҥэ бэс ыйын 23 күнэ — бырааһынньык иннинээҕи күнүнэн ааҕыллыбат, онон үлэ күнэ кылгаабат.

This post was published on 08.06.2020 11:01 11:01