Россия Геройа Игорь Юргин анал байыаннай дьайыыга бааһырбыт байыаһы кытта көрүстэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россия геройа Игорь Юргин анал байыаннай дьайыыга бааһырбыт байыаһы кытта көрүстэ. Кини медицина тэрилтэтигэр эмтэниини ааһар, суруйар ЯСИА.

«Көрсүһүү ис дууһаттан уонна интэриэһинэй буолла. Чэй иһэн, торт сиэн истиҥник кэпсэттилэр, дьиэлэригэр курдук. Ыччаппыт патриотическай санаалааҕа, дойдутун сайдыытыгар кыһаллара үөрдэр. Биһиги харахпыт далыгар күүстээх, сыаллаах, дойдутун инникитин туһугар бэйэтин кылаатын киллэрэр көлүөнэ улаатар», — диэн телеграм-ханаалыгар буойуттар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин регионнааҕы штабын салайааччыта Марина Бахилина суруйда.

29 саастаах Игорь Юргин Алдантан төрүттээх, кини «Герой России» үрдүк наҕарааданы Саха сириттэн бэһис киһинэн ылбыта, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьан. Маны сэргэ кини «За отвагу» мэтээллээх уонна «Мужество» уордьаннаах.

This post was published on 29.07.2024 13:01 13:01