«Россия» норуоттар ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа тохсунньу 24 күнүгэр Уһук Илин уонна Арктика күнэ буолуоҕа. Дьыалабыай, аралдьытар уонна спортивнай бырагыраама күүтэр.
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥэ РФ президенин боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев пленарнай сессияҕа кыттыаҕа. Ол туһунан дойду миниистирдэрин кабинетын саайтыгар суруллар.
Пленарнай сессия кыттыылаахтара Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар уонна ситиһиитигэр кэпсэтиэхтэрэ, ордук экономика эйгэтигэр — сиртэн хостонор баай, балык, логистика, ньиэп-гаас химията, тутуу, туризм уонна Хотугу муора суола.
«Россия Президенэ Уһук Илини XXI үйэ устата национальнай күөн тутуунан ылыммыта. Билигин макрорегион Россия орто таһымын куоһарар: сүрүн хапытаалга инвестиция, тутуу үлэтин иэнэ, олорор дьиэни киллэрии, тэрилтэлэр дохуоттара, сир баайын хостооһун, промышленнай үлэ. Бу президент туруорбут соруктарын толоруу. Уһук Илин түргэнник сайдыахтаах. Күннэр кэмнэригэр хайысхалары быһаарсыахпыт», – диэтэ Юрий Трутнев.
This post was published on 23.01.2024 11:33 11:33