"Россия" быыстапка-пуорумҥа сахалыы остуол оонньуулара турдулар

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Россия» норуоттар ардыларынааҕы быыстапка ыалдьыттара сахалыы остуол оонньууларыгар көхтөөхтүк кытталлар. Өрөспүүбүлүкэ павильонугар хас биирдии кыайыылаахха Саха сирин кэпсиир сувенир туттараллар.

Тэрийээччилэр эппиттэринэн, өбүгэ оонньуулара саха норуотун олоҕун уонна култууратын көрдөрөллөр. Хас биирдии оонньуу дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтиир.

Сахалыы остуол оонньуурдара экологиятынан ыраас мастан оҥоһуллубуттар, бу саха омуга айылҕаҕа чугаһын көрдөрөр.

Хас нэдиэлэ аайы регион павильонугар оонньуурдар көрүҥнэрэ уларыйар. Билигин «Тыксаан», «Тырыыҥка» көрдөрүүгэ тураллар.

Ыалдьыттар ордук «Хаамысканы» сөбүлээтилэр.

This post was published on 28.12.2023 10:28 10:28