«Биһиги үөрэхпит эйгэтин аныгы систиэмэтэ муҥутуур дэгиттэр уонна конкуренциялаһар кыахтаах», – диэн бэлиэтээтэ вице-премьер Татьяна Голикова «Россия» быыстапкатыгар Үөрэх эйгэтин күннэрин арыллыытыгар.
Кини Россия президенин соруга туолан, уопсай үөрэхтээһини хаачыстыбанан хааччыйыы ситиһиилээхтик барарын эттэ. 2023 сыл түмүгүнэн, норуоттар ардыларынааҕы чинчийии түмүгүнэн, былааннаммыт көрдөрүү куоһарыллыбыт — 9,6 тэҥ.
Россия үөрэнээччилэрэ норуоттар ардыларынааҕы олимпиадаларга кыттыыларынан, дойду бу хайысхаҕа биэс күүстээх дойду иһигэр киирсэр. 2023 сылга оҕолор 43 мэтээлтэн 34 кыһыл көмүс мэтээли ылбыттар.
2019 сылтан үс саастарыгар диэри оҕолорго дьааһыланан хааччыллыы 16% улааппыт, 2024 сыл саҕаланыытыгар 99,5% буолла, оттон 3 — 7 саастаахтарга тэрилтэнэн хааччыллыы 100%, диэтэ Татьяна Голикова.
Орто профессиональнай үөрэх 15 — 19 саастаахтар аҥардарын хабар (48 %).
#выставкаРоссия
This post was published on 20.02.2024 09:32 09:32